«Культура» телеханаалга «Дьон сирэ» сиэрийэ үһүс киинэтин көрдөрдүлэр. Манна Саха сирэ кэпсэнэр. СИА иһитиннэрэринэн, хас да түһүмэхтээх документальнай киинэ былырыын уһуллубута. Үһүс көрдөрүү дьүкээгирдэргэ ананар. «Мегино-кангаласские якуты. Три мира, девять небес» уонна «Русскоустьинцы» хартыыналартан турар.
«Дьон сирэ» – Россия аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохторугар аналлаах киинэ, кинилэр күннээҕи олохторо, култууралара, үгэскэ кубулуйбут дьарыктара ойууланар. Бырайыак генеральнай продюсера — суруналыыс Анна Коряковцева, оператордар Андрей Митрофанов уонна Михаил Скотников.
«Дьүкээгирдэр хаһан эрэ хотугулуу-илиҥҥи Сибиири биир гына олорбуттара, билигин кинилэр ахсааннара балтараа тыһыынчаттан эрэ тахса. Дьүкээгирдэр олохсуйбут сирдэринэн туундара уонна ойуур диэн арахсаллар. Мастаах-оттоох сирдээхтэр — булчуттар уонна балыксыттар; туундаралар — табаһыттар. Табалары көрөөрү Хотугу муустаах акыйаан кытылыгар тиийэ сырыттыбыт. Сөмөлүөтүнэн, бөртөлүөтүнэн, катерынан айннаатыбыт хас эмэ көһү. Сыралаах айан түмүктээх — Саха сиригэр уоту уонна дууһаны кытта сатаан кэпсэтэр ойууттар сиэннэрэ билигин да бааллар», — диэн суруллар премьера биллэриитигэр.
This post was published on 08.02.2021 12:01 12:01