Муус устар 7 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһугар 43 саастаах, хаста да сууттаммыт эр киһи дьиэтин олбуорун иһигэр 34 саастаах кэргэнигэр саба түһүүнү оҥордо.
ЯСИА-ҕа быраабы араҥаччылыыр уоргантан эппиттэринэн, эр киһи дьахтар кулгааҕын уонна муннун быспыт.
«Түөрт оҕолоохтор. Ыал сороҕор арахсар, сороҕор холбоһор олорбуттара. Бүтэһигин дьахтар киниэхэ икки сыллааҕыта кэргэн тахсыбыта. Наркотикка ыстатыйанан сууттанан хаайыыга сыттаҕына. Барыллаан дааннайынан, эр киһи быһылаан оҥорор кэмигэр итирик да буолбатах, наркотик да туттубатах», — диэтэ источник.
ЯСИА собеседнигын иһитиннэриитинэн, дьахтар балыыһаҕа медсестралыыр, сарсыарда түүҥҥү сменаттан кэлбит. «Эр киһи дьахтары олбуоругар манаабыт. Миэстэтигэр кулгааҕа булулунна, мунна көстүбэтэ. Дьахтар балыыһаҕа, эр киһи полицияҕа бааллар», — быраабы араҥаччылыыр уорганнар эттилэр.
This post was published on 08.04.2024 14:30 14:30