Соторутааҕыта Ил Дархан Егор Борисов Уопсастыбаннай балаата чилиэннэригэр: «Пааматынньыктары тутууга анал хамыыһыйалары үлэлэтиҥ, бу боппуруоска эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыҥ», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. СӨ Гражданскай уопсастыба сайдыытын министиэристибэтэ Дьоруой снайпер Иван Кульбертинов пааматынньыгын хамыыһыйаны тэрийэн, төһө үп киирбитин, пааматынньык тутуутун хаамыытын барыытын мунньаҕынан быһааран, боротокуоллаан иһэр. Онон мантан инньэ өрөспүүбүлүкэбит суолталаах пааматынньыктара көрүүлээх-истиилээх, хаһаайыннаах буолуохтара.
Ил Дархан Егор Борисов пааматынньыктары тутарга эрдэттэн хамыыһыйа тэрийэн, ким балаансатыгар туруораргытын, хайдах докумуоннуургутун ымпыгын-чымпыгар тиийэ сүбэлэһэн баран, ылсыҥ диэбитин биир бэйэм олус сөбүлүү истибитим. Ол иһин да буолуо, СӨ Гражданскай уопсастыба сайдыытын миниистирин солбуйааччы Лена Иванова: «Сэбиэскэй сойуус дьоруойа аатырбыт снайпер Иван Кульбертинов пааматынньыгын тутууга анаммыт киэҥ ыҥырыылаах кэпсэтии буолар. Ону кэлэн сырдатыаҥ дуо?», — диэбитин быһа гыммакка, анаан оҥостон тиийбитим. Аатырбыт снайпер Иван Кульбертинов 100 сааһыгар анаммыт пааматынньыгы тутуу туһунан кэпсэтии былырыын дьоруой үбүлүөйүн инниттэн саҕаламмыта. Өлүөхүмэ улууһун Тээнэ нэһилиэгин олохтоохторо биир дойдулаахтарын, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сырдык Кыайыыны уһансыбыт аатырбыт снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Иван Кульбертинов пааматынньыгын тутар туһунан Ил Дархан Егор Борисовка көрдөһүү сурук суруйбуттара.
— Пааматынньыгы тутууга улуус тэрилтэлэрэ, олохтоохторо бары кыттыһан харчы хомуйан эрэбит. Бэйэбит хомуйбут үппүт тиийбэтэ чахчы. Онон бырамыысыланнас тэрилтэлэрин кыттыһыннаран, 2018 сылга Саха сирин киэн туттар киһитэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Иван Кульбертинов пааматынньыгын туттарарга көмөлөһөргөр көрдөһөбүт — диэн сурукка этиллэр. Егор Борисов тээнэлэр суруктарын болҕомтоҕо ылан, боппуруос оннуттан хамсаабыта. Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга ыҥырыытын ылынан пааматынньык тутуутун үбүлээһинин «Мечел» хампаанньа сүрүннүүр буолбута. Пааматынньыгы тутууга Арассыыйаҕа киэҥник биллэр уус-уран архтитектурнай уһаарыыны оҥорор Каслинскай собуот ылсыбыта.
Бу күннэргэ собуот дириэктэрэ Владимир Киселев Дьоруой Иван Кульбертинов пааматынньыгын тутууга сыһыаннаах боппуруостары быһаарса Дьокуускайга кэлэн мунньахтаата. Киэҥ ыҥырыылаах сэбиэти СӨ Гражданскай уопсастыба сайдыытын миниистирин солбуйааччы Лена Иванова салайан ыытта.
Пааматынньык тутуутун туһунан кэпсэтиигэ архитектордар, Аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларын, СӨ Дьахталлар тэрилтэлэрин сойууһун президиумун, Өлүөхүмэ биир дойдулаахтарын түмсүүтүн бэрэстэбиитэллэрэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Иван Кульбертинов чугас аймахтара кыттыыны ыллылар. Кинилэр собуот салалтата чугуунунан кутан оҥороору гынарын истэн баран, боруонсаттан оҥороллоругар санааларын эттилэр. Собуот салалтата онуоха сөбүлэстэ.
Ил Дархан Егор Борисов Уопсастыбаннай балаата чилиэннэрин кытта көрсүһүүтүгэр пааматынньыктары оҥоруу, турар сирдэрин көрүү-харайыы туһунан кэпсэппиттэрэ. Бу суолталаах боппуруоһу балаата чилиэнэ, Саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ Анатолий Николаев көтөхпүтэ.
Егор Борисов СӨ Уопсастыбаннай балаата чилиэннэрин кытта көрсүһүүтүн кэннэ Анатолий Николаевы көрсөн кэпсэттим:
— Куоракка туох да докумуона, көрүүтүгэр-истиитигэр ким эппиэттээҕэ биллибэт пааматынньык олус элбээбитин аҕа баһылык, кырдьык, сөпкө тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Пааматынньыктары тутуох иннинэ бары боппуруостары ымпыгар-чымпыгар диэри быһаарар анал хамыыһыйаларда тэрийиҥ диэбитэ оруннаах.
Саха тыйаатырын иннигэр турар Ойуунускай пааматынньыгын боппуруоһугар анаан үлэлэһэ сылдьар буоламмын, итини мин көтөхтүм. Холобура, Дьокуускайга 70 пааматынньык баар буоллаҕына, 30-та эрэ хаһаайыннаах. Ол курдук, тыйаатыр аттыгар турар Ойуунускай пааматынньыга хаһаайына суох. Ити саха норуотун чулуу уолаттарыгар анаан 2003 сыллаахха тутуллубут аныгы үйэ бастакы тутуутунан буолар. Чааһынай тэрилтэ туппут эбит, аҕыйах сыл буолан баран, ыһыллан хаалбыт. Инньэ гынан бу пааматынньык туох да докумуона суох. 2006 сыллахха оччотооҥу бэрэсидьиэн Вячеслав Штыров дьаһалынан пааматынньыгы көрөрүгэр-харайарыгар эппиэттээх диэн Саха тыйаатырыгар дьаһал таһаарбыт. Биһиги билигин өрөспүүбүлүкэ пааматынньыктарыгар сыһыаннаах үлэлээх дэпэртээмэн салалтатын кытта култуура министиэристибэтэ бас билиини Дьокуускай куорат уокуругар бэрдэрэ сатыыбыт.Анал конструкциялаах пааматынньык алдьаннаҕына-кээһэннэҕинэ, Саха тыйаатыра кыайан өрөмүөннүүр, көрөр-харайар кыаҕа суох. Сууйуохпутун-ыраастыахпытын сөп. Онтон атын техническэй эппиэтинэһи бэйэбитигэр ылынар кыахпыт суох.
This post was published on 05.02.2018 10:56 10:56