2021 сылтан тулалыыр эйгэҕэ буортулааҕынан уонна сэрэхтээҕинэн билиниллибит «Кулардааҕы көмүһү ылҕыыр собуот хвостохранилищетын суох оҥоруу» бырайыагын олоххо киллэрии саҕаланар. Санатар буоллахха, эбийиэк 1965 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ уонна ити сылтан көмүһү ылҕыыр собуот тобоҕун ыскылааттаан барбыттара. Итини тэҥэ, уунан хааччыллыы систиэмэтин үлэлэппиттэрэ.
1990 сылтан хвостохранилище үлэлээбэт. 2019 сылтан СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ ити эбийиэги суох оҥорууга бэлэмнэнии үлэтин саҕалаабыта. Бырайыактыыр-смета докумуона оҥоһуллан, судаарыстыбаннай экспертизаҕа бэрэбиэркэни ааһан, техническэй, бырамыысыланнас өттүнэн куттала суоҕа уонна бырайыак сыаната бигэргэммитэ.
2020 сылга тулалыыр эйгэҕэ буортулаах эбийиэк буоларын туһунан судаарыстыбаннай реестргэ киирбитэ (ГРОНВОС). Онон «Ыраас уу» национальнай бырайыак чэрчитинэн федеральнайдааҕы бүддьүөттэн үп көрүллэригэр үлэ ыытыллыбыт.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ биэрбит сайаапкатын анал хамыыһыйа көрөр, итиэннэ бырайыагы сөптөөҕүнэн ааҕан, федеральнайдааҕы бүддьүөттэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 2021-2022 сылларга субсидия көрөргө быһаарыы ылынар. Икки сыл устата Кулардааҕы көмүһү ылҕыыр собуот хвостохранилищетын суох оҥорууга 867 мөл тахса солк тыырыллыаҕа.
“Экология” национальнай бырайыак чэрчитинэн, субсидияны 2021 сылга көрөргө СӨ Бырабыыталыстыбата уонна РФ Айылҕа ресурсаларын туһаныыга уонна экологияҕа министиэристибэтэ электроннай бүддьүөккэ аналлаах сөбүлэһиигэ илии баттаһаллар.
Кулардааҕы көмүһү ылҕыыр собуот хвостохранилищетын суох оҥорууга техническэй сорудах уонна электроннай киэбинэн аһаҕас куонкурус докумуона оҥоһуллар, «Центр закупок РС (Я)» тэрилтэҕэ көрүүгэ бэриллэр.
Тустаах эбийиэги суох оҥорууга бэлэмнэнии ыытылынна, билиҥҥи кэмҥэ үлэни ыытыахтаах бэдэрээтчиги быһаарар сүүмэрдээһин барар. Ол эрэн, борокуратуура биэрбит сэрэтиитинэн, министиэристибэ тустаах үлэни ыытар.
2021 сылга «Ыраас уу» эрэгийиэннээҕи бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн, Кулардааҕы көмүһү ылҕыыр собуот хвостохранилищетын суох оҥорууга бастакы түһүмэх саҕаланыаҕа. Рекультивациялааһын үлэтэ ылыныллыбыт болдьоххо үмүрүтүллүө. Итини тэҥэ, 2021 сылга Бүлүү, Ньурба, Мииринэй куораттарга быраҕыллыбыт сыбаалкалары рекультивациялыырга аналлаах бырайыагы оҥоруу түмүктэниэҕэ.
«Ойууру чөлүгэр хаалларыы» бырайыакка көрүллүбүт 84,9 мөл солк 100 % туһаныллыбыт. 25 тиэхиньикэ уонна аҕыс араас оборудование өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар тиэрдиллэн, ойуур баһаарын утары үлэҕэ туһанылыннылар. Итини тэҥэ, 73142,37 гектардаах сиргэ ойууру чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытылынна.
Саха сиригэр «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Айылҕа араас эгэлгэтин, уратытын чөлүнэн хаалларыы уонна экологическай туризм сайдыыта» диэн федеральнайдааҕы бырайыагы олоххо киллэриигэ РФ, СӨ бырабыыталыстыбалара, өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай уорганнар айылҕаны харыстыыр, науканан дьарыктанар тэрилтэлэр көмөлөрүнэн ураты харыстанар сирдэри тэрийиигэ уонна итиннэ аналлаах бырайыактары оҥорууга элбэх үлэни ыыттылар. Ити түмүгэр 2020 сылга Аллараа Халыма улууһугар «Эһэ арыылара” диэн судаарыстыбаннай үһүс заповедник тэрилиннэ.
«Экология» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ федеральнайдааҕы структулар өттүлэриттэн ханнык да үҥсүү, этии киирбэтэ. Бырагыраама 2019-2020 с.с. бары былааннара толоруллан, көрүллүбүт үп-харчы барыта туһанылынна. 2020 сылга СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ бырайыак былаанын барытын толордо. Национальнай бырайыагы олоххо киллэрии тэрээһиннэрэ федеральнайдааҕы бырайыактыыр тэрилтэ быһаччы хонтуруолунай сорудахтарынан олоххо киирэллэр.
СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ эрэгийиэннээҕи «Ыраас дойду», «Ойууру чөлүнэн хаалларыы», «Айылҕа араас эгэлгэтин, уратытын чөлүнэн хаалларыы уонна экологическай туризм сайдыыта» уонна «Экология» национальнай бырайыактары олоххо киллэриини сүрүн толорооччу буолар, диэн суруйар СИА-ҕа СӨ Экологияҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата.