«Билигин бу кэмҥэ нуормаҕа сөп түбэспэт итии халлаан буолар. Хаар эрдэ ууллубута. Хомойуох иһин, ойуур баһаардара буоллулар — 20 тыһыынчаттан тахса гектары уот сиэтэ. Билигин улахан уот суох, күҥҥэ биир-икки баһаар буоллаҕына — тута умулуннараллар.
Нэһилиэнньэни кытта күүскэ үлэлиибит. Билигин үгүс уот дьон дьалаҕай сыһыаныттан тахсар. Буруйдаахтар эппиэтинэскэ тардыллаллар. Президент быһаарыытынан эбиилээх көрүллүбүт үбүлээһин баһаары кытта охсуһууга көмөлөһөрүгэр эрэллээхпин. Өссө биирдэ этэбин, кураанах, өҥүрүк куйаас халлаан туруга баһаар тахсыытыгар ыарахан балаһыанньаны үөскэтэр. Ити эрээри биһиги манна бэлэммит. Холобур, биһиги бастакы регион буолабыт, баһаар тахсыытын тохтотор сыалтан сөҥүүнү түһэриигэ эксперимент ыытар», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 27.05.2025 17:02 17:02