Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгин «Барҕарыы» култуура киинигэр куйаар ситиминэн Егорова Мария Михайловна 100 сааһын көрсө “Оһуохай Мааса” диэн кинигэ сүрэхтэннэ.
Саҥа кинигэни кытта билсиһиини «Барҕарыы» култуура киинин директора Федора Ивановна Фомина бэрт сэргэхтик тэрийэн ыытта. Тэрээһин бырагырааматыгар Оһуохай Мааса оҕолоро, сиэннэрэ, бииргэ алтыспыт үөлээннээхтэрэ, атастара-доҕотторо араас ахтыы оҥорон кыттыыны ыллылар.
Егорова Мария Михайловна-Оһуохай Мааса 1920 сыллаахха II Маалтааны сиригэр-уотугар күн сирин көрбүт. Кыра эрдэҕиттэн сахалыы ырыаны-тойугу, хомуһу интэриэһиргиир буолан ыһыахтарга, араас тэрээһиннэргэ олоҥхоһут, тойуксут, оһуохайдьыт дьону батыһа сылдьан сэргээн истэрин кэпсээтилэр.
Ханнык да үлэттэн чаҕыйан турбат, аҕыс оҕолоох сытыы-хотуу, холкуос туруу үлэһитэ оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэни таптыырга, хайаан даҕаны саҕалаабыт дьыалаларын тиһэҕэр тириэрдэн дуоһуйууну ылалларыгар үөрэтэрэ. Иллэҥ кэмнэригэр кыргыттары иистэнэргэ, оҕуруо анньарга, хомуска оонньуурга уһуйара. Олоҕун тухары ырыа-тойук аргыстаах Оһуохай Мааса өр сыллар тухары олохтоох самодеятельность биир тарбахха баттанар кыттыылааҕа этэ. Билиҥҥэ диэри үгүс олохтоох кырдьаҕастар кэнсиэртэри Оһуохай Мааса оһуохайынан түмүктүүрүн бэрт иһирэхтик санаан-ахтан ылаллар.
Мария Михайловна 1975 сыллаахха Улуу Кыайыы 30 сылын көрсө ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ оһуохайынан кыттыбыта. Уустаан-ураннаан этэр оһуокайын тыла-өһө ис-иһиттэн кэлимсэлии хоһуйуллан, алгыс буолан тахсара. Кэлин сааһыран баран оскуола оҕотун оһуохай этэргэ, таҥалай уонна хабарҕа ырыатын ыллыырга үөрэппитэ.
Хаҥалас улууһугар 20-с үйэҕэ олорон ааспыт оһуохайдьыт ийэлэрин аатын үйэтитээри кыргыттара Белолюбская Зоя , Сысоева Марина, Васильева Галина, Баишева Светлана Михайловналар сыа-сым курдук тутан дьоҕус ахтыы кинигэтин сүбэлэһэн хомуйан оҥордулар. Кинигэни Владимирова Татьяна Валерьевна редакциялаан таһаарда.
This post was published on 04.11.2020 14:01 14:01