Өксөкүлээх төрөөбүт күнүгэр пааматынньыгар дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустуо

Кулун тутар 4 күнэ — саха уус-уран литературатын төрүттээччи, олоҕун бүүс-бүтүннүү саха тылын, фольклорун, итэҕэлин үөрэтиигэ анаабыт учуонай, бөлүһүөк, бэйиэт Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй  төрөөбүт күнэ.


Күндү биир дойдулаахтарбыт!

Быйыл Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй  төрөөбүтэ 141 сылын бэлиэтиибит. Бу күн төрөөбүтэ бука бары күнүс 11 чааска, Доҕордоһуу болуоссатыгар Өксөкүлээх Өлөксөй пааматынньыгар түмсүөҕүҥ, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруоҕуҥ.

                  Өксөкүлээх эргимтэтэ.

This post was published on 03.03.2018 14:00 14:00