Кулун тутар 4 күнэ — саха уус-уран литературатын төрүттээччи, олоҕун бүүс-бүтүннүү саха тылын, фольклорун, итэҕэлин үөрэтиигэ анаабыт учуонай, бөлүһүөк, бэйиэт Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнэ.
Күндү биир дойдулаахтарбыт!
Быйыл Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 141 сылын бэлиэтиибит. Бу күн төрөөбүтэ бука бары күнүс 11 чааска, Доҕордоһуу болуоссатыгар Өксөкүлээх Өлөксөй пааматынньыгар түмсүөҕүҥ, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруоҕуҥ.
“Өксөкүлээх эргимтэтэ”.