Саха литературатын төрүттээччи, сырдатааччы, Саха сирин бастакы учууталларыттан биирдэстэрэ, Саха норуотун фольклорун хомуйааччы уонна тылын үйэтитээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 146 сылын көрсө, кулун тутар 16 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн култуура, үөрэх, уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ, муниципальнай тэриллиилэргэ чүмэчини уматтылар. «Свет Кулаковского – Өксөкүлээх сардаҥата» акция сүрүн тэрээһинэ Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолла.
Саха сирин норуоттарын Ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов бэлиэтээбитинэн, Өксөкүлээх Өлөксөй үлэлэрэ уонна олоҕо барыта норуотугар анаммыта.
«Сыл аайы Саха литературатын уонна сырдатааччыта Алексей Елисеевич Кулаковскай төрөөбүт күнүгэр кинини ахтан-санаан ааһар ытык иэстээхпит. Кини айымньытын уонна үлэтин-хамнаһын үөрэтиигэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит национальнай общиналарын эмиэ тардыбыттара кэрэхсэбиллээх. Саха сирин территориятыгар олорор дьон бука бары Саха норуотун улуу уола Алексей Елисеевич төрөөбүт күнүн билиэхтээхтэр уонна актыыбынайдык кыттыахтаахтар. Бу сырдатар хайысхаҕа эрэ буолбакка, биһигини биир кэлим омук быһыытынан холбуур буолуоҕа», — диэн Александр Подголов бэлиэтээтэ.
Маны таһынан, бүгүн Өксөкүлээх Өлөксөй духуобунай, интеллектуальнай нэһилиэстибэтин үөрэтиигэ, Саха сирин уонна Арассыыйа дириҥ ис хоһоонноох боппуруостарын дьүүллэһиигэ туһуламмыт дьаһаллар ыытыллыахтара. «Свет Кулаковского» – Өксөкүлээх сардаҥата» норуот акциятын тэрийээччитинэн – СӨ бэрэсэдьиэнин оскуолалара, «Николаев Центр», М. Е.Николаев аатынан архыып-библиотека буоллулар.
Санатан эттэххэ, 2022 сылга акция бары киин оройуоннары уонна өрөспүүбүлүкэ куораттарын, хотугу оройуоннары, уонно Алексей Кулаковскай олоро сылдьыбыт сирдэрин барытын хаппыта.