Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа киһи сөҕүөн курдук үгүс өрүттээх. Бу ыстатыйаҕа саха норуотун сүдү киһитин 9 сүрүн уратытыгар тохтоон ааһыам.
1. Саха омук интэриэһин туруулаһааччы. Өксөкүлээх төрөөбүт норуотун интэриэһин өрүү инники күөҥҥэ тутара. Баһылай Бырдьахаанап «Өксөкүлээх Өлөксөй уонна «Ойуун түүлэ» поэма кэм-кэрдии дьүүлүгэр» диэн ыстатыйатыгар улуу киһибит олоҕун сүрүн сыаннаһа туох буоларын субу курдук дьэҥкэтик быһааран биэрэр: «А.Е. Кулаковскай норуотум иннэ диэн олорон ааспыт киһи. Олоҕун сүнньэ – ити. Ити суолтан кини олоҕун биир да мүччүргэннээх түгэнигэр туораабатаҕа»[1].
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев «Алексей Елисеевич Кулаковский – мыслитель и патриот народа саха» (2002) кинигэтигэр Өксөкүлээх норуотум эрэ туһа диэн санаанан салайтаран үлэлээбитин тоһоҕолоон бэлиэтиир: «На мой взгляд, во всей своей творческой и общественной деятельности А.Е. Кулаковский руководствовался единственно философией народного блага, которая ярко выражается в его необычайно горячем чувстве патриотизма и пронизывает все его литературно-художественные и научные произведения. Философия народного блага была у А.Е. Кулаковского господствующей идеей над всеми его многочисленными созидательными идеями»[2]. Дьэ, ити курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй сахатын дьоно-сэргэтэ уйгулаах олоххо, билиигэ-көрүүгэ тиксэллэрин туһугар туох баар санаатын-оноотун ууран туран үлэлээбитэ, олоҕун бүүс-бүтүннүүтүн онно анаабыта.
2. Саха норуотун улуу сырдатааччыта. Өксөкүлээх Өлөксөй Саха сиригэр үөрэх-билии тэнийдэҕинэ, сахалар сайдыылаах омуктар култуураларыттан кэскиллээҕин сиидэлээн иҥэриннэхтэринэ, саха дьоно атын омук ааттаахтарын кытта тэҥҥэ аахсар таһымҥа тахсыа, тыыннаах ордор суолун тобулуо диэн эрэнэ саныыра. Ол да иһин араас итэҕэтиилээх ньыманы туһанан, күүстээх уус-уран айымньылары суруйтаан, дьонугар-сэргэтигэр үөрэх туһатын-көдьүүһүн өйдөтө сатаабыта. Кини саха интэлигиэннэрин (олор баһыйар үгүстэрэ баай төрүттээхтэрэ) норуокка дьайыылаах дьон быһыытынан көрөрө, онон илдьитин, чуолаан, кинилэргэ туһаайбыта. «Саха интэлигиэнсийэтигэр» илдьитэ «Ойуун түүлэ» бэйиэмэни кытта идиэйэ өттүнэн быһаччы алтыһар, ол курдук бу икки айымньы сүрүн санаата – саха омук тыыннаах ордор суолун ыйан-кэрдэн биэрии.
3. «Айар тыл аҕата» (Б. Ойуунускай). Бары билэрбит курдук, саха уус-уран литэрэтиирэтэ Өксөкүлээх «Байанай алгыһыттан» саҕаламмыта. Өксөкүлээх Өлөксөй алҕаабытын хоту, биһиги литэрэтиирэбит иннин диэки балачча эрчимнээхтик уонна эрэллээхтик хардыылыыр. «Саха ыччата уустук хоһуйууга, имигэстик эриэккэстээн этиллэр тылга киниэхэ үөрэниэхтээх, кини элэ-была тылын эгэлгэтин чинчийэн бэйэтигэр иҥэриниэхтээх» диэн Амма Аччыгыйа «Кулакуоскайтан үөрэниэҕиҥ» диэн ыстатыйатыгар суруйан турардаах[3]. Уран тыл маастара Амма Аччыгыйын сүбэтэ-соргута билигин да, кэнэҕэһин да суолтатын сүтэриэ суохтаах. Саха маҥнайгы кылаассык суруйааччыта диэн үйэлээх аат мээнэҕэ иҥэриллибэт. Ити — үөмэн тиийбэт үрдүк чыпчаал, уус-уран маастарыстыба муҥутуур туоһута.
4. Инникини өтө көрөр бөлүһүөк. Өксөкүлээх Өлөксөй өйүн күүһүнэн, санаатын далааһынынан, өксөкү кыыл курдук үрдүк мэҥэ халлаан муҥутуур мөҥүөнүгэр кыырайан тахсан, сири-дойдуну кырыйа көтө сылдьан, аан дойдуга туох быһыы-майгы бүрүүкээбитин, икки атахтаах олоҕун сүнньэ хайа диэки салаллан эрэрин бүтүн киһи аймах таһымынан анаарбыта. Ону «Ойуун түүлэ» бэйиэмэ ис хоһооно, сүрүн санаата чаҕылхайдык туоһулуур. Бөлүһүөктүүр айымньы көтөҕөр сүрүн кыһалҕалара – судаарыстыбалар күөнтэһиилэрэ, ол содула-охсуута, омуктар алтыһыылара, саха омук тыыннаах ордор иһин мөккүөрэ. Ити боппуруостар биһиги да үйэбитигэр олус сытыытык тураллар, өтөрүнэн быһаарыллыах чинчилэрэ көстүбэт. Ол аата Өксөкүлээх хас эмэ үйэни курдат көрөн, дьоно-сэргэтэ араас кыһарҕаны эрдэттэн бэлэмнээх көрсөрүн курдук сэрэппит, бэйэтин харыстаабакка үлэлээн, норуотун кэскилин тэрийсибит эбит.
5. Саха тылын түсчүтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй саха тылын ис кистэлэҥин дириҥник билэр чинчийээччи этэ. Ону «Научные труды» үлэтин иһинэн бэчээттэммит «Статьи и материалы по якутскому языку»[4] түһүмэҕин ааҕан дьиҥ-чахчы итэҕэйэбит. Манна алпаабыт, нуучча тылыттан киирбит тыл, түөлбэ тылларын, умнуллубут тыллар, саха диэн тыл суолтатын туһунан, о.д.а. матырыйааллар киирбиттэр. Өксөкүлээх Өлөксөй тыл норуот олоҕор тыын суолталааҕын өйдөөн, саха тылын байытар, сайыннарар кэскиллээх үлэни сүрүннэспитэ. Өксөкүлээх тыл туһунан суруйбут матырыйааллара билигин да суолталарын сүтэрбэттэр, инникитин даҕаны тыл үөрэхтээхтэригэр бигэ тирэх, бэлиэ эркээйи буолуохтара.
6. «Саха былыргы олоҕун чинчиһитэ» (Б. Ойуунускай). Саха сирин үгүс түөлбэтин кэрийэ сылдьан, норуот тылынан уус-уран айымньытын, сиэрин-туомун, итэҕэлин туһунан элбэх матырыйаалы хомуйан сурукка тиспитэ. «Научные труды» үлэтигэр киирбит «Материалы для изучения верований якутов», «Якутские пословицы и поговорки», «Манчаары», «Якутские легенды-былины»[5] түһүмэхтэри ааҕан баран, Өксөкүлээх Өлөксөй саха былыргытын, умнулла быһыытыйбыт өрүттэрин сөргүтэн, норуотун санаатын бөҕөргөтөргө сыал-сорук ылынан, бэйэтин харыстаммакка күүскэ үлэлээбит эбит диэн биир түмүккэ кэлэбит.
7. Эйэлээх олох арчыһыта. Өксөкүлээх Өлөксөй хайдахтаах да үрдүк идиэйэ иһин киһи хаана тохтуо суохтаах диэн бүк итэҕэллээҕэ. Тыыннааҕын тухары дьонун-сэргэтин наар илгэ-эйэҕэ ыҥыра сылдьыбыта. 1925 с. үрүҥ этэрээттэрэ сааларын-саадахтарын ууран, Сэбиэскэй былааһы билинэллэрин туһугар, Өймөкөөҥҥө тиийэн, ыйааһыннаах тылын ылыннаран, элбэх киһи үрүҥ тыынын өрүһүйбүтэ. Саха сирин хоту өттүгэр бастаанньаһыттар сыыйа эйэлээх олоххо төннүбүттэрэ. Ити курдук, Өксөкүлээҕи ким баҕарар: кыһыл да, үрүҥ да; баай да, дьадаҥы да бары ытыктыыр этилэр.
8. Хааччахха хаайтарбатах көҥүл киһи. Өксөкүлээх Өлөксөй хайа да былаас хааччаҕар хаайтарбат көҥүл санаалааҕа. Сир түннүгэ киһи дьалхааннаах олох үөскэтэр уустук боппуруостарыгар ортотун булан көрөрө, онон салайтарара. Кини баартыйанан хайдыһыыга даҕаны, «үрүҥ-кыһыл» диэн арахсыыга даҕаны хайатыгар да кыттыспатах киһи. Бассабыык баартыйата «Олус уҥа диэки охтубакка, хабаана суох хаҥас диэки халыйбакка, Ортотунан соҕус оломноотоҕуна» эрэ, үтүөнү үксэтиэ этэ диэн «Ойуун түүлэ» айымньытыгар саҥа былааһы сэрэтэ былаан этэр[6].
9. Чөл олох сирдьитэ. Өксөкүлээх Өлөксөй Э.К. Пекарскайга суругар маннык диэбит: «Якуты численно растут, но органически вымирают. Эпидемий и «болезней культуры» стало больше. Алкоголизм усиливается». “Култуура ыарыыта” диэн Кулакуоскай оччолорго саҥардыы “күннээн-күөнэхтээн” эрэр киһи аймах ыар тыыннаах дьаллыгын — хаартыны, табаҕы, арыгыны ааттаталыыр. Кини олору утаран «Арыгы», «Итирик бурсуй ырыата» курдук айымньыларын суруйбута, арыгыга умньаммыттары сытыытык саралаабыта.
Тыл үөрэҕин дуоктара, бэрэпиэссэр Филиппов Г.Г. “А.Е. Кулаковскай айымньыларын билиҥҥи кэмҥэ үөрэтии суолтата» (2011) ыстатыйатыгар биһиги бүгүҥҥү олохпутугар Өксөкүлээх туох-ханнык сабыдыаллааҕын маннык тоһоҕолоон суруйар: «А.Е. Кулаковскай, бастатан туран, биһиги Өрөспүүбүлүкэбит уопсастыбалыы олоҕор сүҥкэн сабыдыаллаах. Норуоту уопсастыба туһугар олорорго, бөтүрүйүөттүү тыыҥҥа иитэргэ, олоххо дьулуурдаах буоларга туһаайарга кини киһи, лиичинэс, дойдулаах (кырасданыын) быһыытынан өйүн-санаатын, көрүүтүн түмүү, үлэтин-хамнаһын сырдатыы өссө дириҥээн иһиэх тустаах. Маныаха кини уобараһын киһититии оруоллаах буолуоҕа»[7].
Амма Аччыгыйа «Чолбон» сурунаалга тахсыбыт «А.Е. Кулаковскай туһунан аҕыйах тыл» ыстатыйатыгар «Ким төрөөбүт норуотугар, дойдутугар үтүөнү оҥорбут, ол аата-суола сүппэт, үрдээн иһэр» диэн суруйбуттаах. Чахчыта да, оннук. Өксөкүлээх саха омук баарын тухары аата-суола ахтылла, үтүөтэ-өҥөтө үрдүү туруо.
[1] Өксөкүлээх Өлөксөй. Ойуун түүлэ: Поэма. – Дьокуускай: Бичик, 1994. — С.47
[2] Николаев М.Е. Алексей Елисеевич Кулаковский – мыслитель и патриот народа саха (философия, духовность, государственная деятельность). — Якутск, 2002. – С.17
[3] Н.Е. Мординов. Кулакуоскайтан үөрэниэҕиҥ. – Хотугу ыччат. – 1928. – Кулун тутар 31 к.
[4] Кулаковский А.Е. Научные труды. – Якутск: Кн. Изд-во, 1979. – С. 311-415.
[5] Эмиэ онно. – С. 7-306.
[6] Өксөкүлээх Өлөксөй. Ойуун түүлэ: Поэма. – Дьокуускай: Бичик, 1994. — С. 31.
[7] Филиппов Г.Г. А.Е. Кулаковскай айымньыларын билиҥҥи кэмҥэ үөрэтии суолтата // Наследие А.Е. Кулаковского в контексте духовной культуры России. — Новосибирск: Наука, 2011. – С. 287.
This post was published on 12.06.2020 13:00 13:00