Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын уораҕайыгар айар тыл аҕатынан уонна бөлүһүөгүнэн сураҕырбыт А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй тыл үөрэхтээҕин, лингвист уонна литература теоретигын быһыытынан чинчийэр, анаарар үлэлэрин түмпүт «Труды по якутскому языку» кинигэтин сүрэхтэниитэ олунньу 14 күнүгэр буолла.
Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Өксөкүлээх Өлөксөй сиэннэрэ Раиса Реасовна, Лариса Реасовна Кулаковскаялар, хос сиэннэр, аймахтар, учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ, интеллигенция кыттыыны ыллылар, санаа атастастылар.
Кинигэ сүрэхтэниитин «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров иилээн-саҕалаан ыытта.
Бу кинигэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, эһэтин баай литературнай, научнай нэһилиэстибэтин чинчийиигэ, тарҕатыыга, кини аатын үйэтитиигэ олоҕун анаабыт, ХИФУ А.Е. Кулаковскай институтун төрүттээччи дириэктэрэ, А.Е. Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, филологическай наука кандидата Людмила Реасовна Кулаковская бүтэһик, кэриэс үлэтинэн буолар.
Кини киирии тылларын, комментарийдарын сиһилии суруйан, бастакы эрэдээксийэлээһинин oҥopoн хаалларбытын кыыһа Анастасия Кузнецова-Кулаковская салгыы үлэлэһэн кинигэ бэчээттэнэн таҕыста.
Хомуурунньукка архыып фондаларыттан көстүбүт үлэлэр таҥыллан киирбиттэр. Ыстатыйаларга Алексей Кулаковскай саха тылын сайдыытын туһунан концепцията арыллан көрдөрүллэр, Саха сиригэр XX үйэ 20-с сыллардааҕы тыл бэлиитикэтин кыһалҕалара сырдатыллаллар.
Өксөкүлээх Өлөксөй «Новая транскрипция якутского языка», «Якутский язык», «Русские слова, перенятые и усвоенные якутами (кроме собственных имен и названий)», «Ол бу сирдэр, улуустар, уокуруктар тыллара». «Наречия разных местностей, улусов и округов с прибавлением архаизмов, специальных охотничьих терминов, омонимов и синонимов», «О происхождении слова «якут», «Правила якутского стихосложения» уонна да атын ыстатыйалара учуонайдары, устудьуоннары эрэ буолбакка, хайа бaҕaрар ааҕааччыны интэриэһиргэтиэхтэрэ.
Кинигэ биир тугунан да сыаналаммат матырыйаалынан Алексей Елисеевич Кулаковскай Э.К. Пекарскайга, И.С. Говоровка, С.А. Новгородовка, П.А. Ойуунускайга И.Н. Бараховка суруктара киирбиттэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятын биир саамай чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ буолар диэн этиитин саҕалаата. «Өксөкүлээх Өлөксөй «Хоһоону айыы төрүттэрэ» диэн үлэлээх. Ол үлэ бу кинигэҕэ киирбит. Хаһан суруйбута биллибэт, 1925 сыл диэн массыыҥканан охсуллубут. Онно кини үс сүрүн өйдөбүлү киллэрбит. Бастатан туран, саха хоһооно нуучча хоһоонуттан быдан атын диэн. Иккиһинэн, саха хоһоонун уратытынан аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ буолар диэбит. Итинэн көрдөхпүнэ, «Закон гармонии гласных» диэн өйдөбүлү саха литературатыгар аан бастаан киллэрбит. Ону наһаа үчүгэйдик ырыппыт. Аллитерация ирдэбилэ хоһоон саҕаланыытыгар тутуһуоллаах диэбит. Кылгас уонна уһун хоһооннор тустарынан санаатын суруйбут. Мин хоһоону ырытан баран, олоҥхо туһунан тоҕо тугу даҕаны эппэтэҕий диэн дьиктиргээбитим. Кэнники өссө ааҕан, чинчийэн көрбүтүм, ити ырыппыт хоһоонноро барыта сахалыы олоҥхо, тойук тыллара эбиттэр. Анал үөрэҕэ суох киһи бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит өйүнэн саха олоҥхото хайдах оҥоһуллан тахсыахтааҕын бу кылгас ыстатыйатыгар төрдүн суруйбут хаалларбыт», — диэн санаатын эттэ.
Салгыы Александр Николаевич Алексей Елисеевич 1926 сыллаахха суох буолбутун, өлбүтүн кэннэ кини суруйууларын омсолоох айымньылар диэн кириитикэлээһин саҕаламмытын, билигин биһиги олус холку кэмҥэ олорорбутун, Өксөкүлээҕи куһаҕаннык саҥарбыт киһи бэйэтэ мөҕүллүөн сөбүн эттэ. «Тыл туһугар туруулаһыы тохтообот, омук бэйэтэ баарын тухары кини тылын туһугар үлэлэһиэхтээх. Оннооҕор былыргы үйэҕэ туттуллубут тыллар эйгэлэрин сүтэрбэтэх буоллахтарына, омуктара суох, тыллара баар буолар. Тыл уонна саха норуотун кэскилин туһугар үлэлээһин иккиэн тэҥҥэ тутуллан ыытыллыахтаахтар. Итиннэ улуу убайдарбыт ааттарын харыстааһын, кинилэри кэнчээри ыччакка сырдатыы, ааттарын саҥаттан-саҥа эйгэҕэ таһаарыы бу билиҥҥи көлүөнэ учуонайдарга, тыл туһугар туруулаһар дьоҥҥо сорук быһыытынан турар», — диэн бэлиэтээтэ.
«Бигэргэтиллибит история уонна киниттэн ураты, соччо тутулуга суох история эмиэ баар. Биһиэнэ официальнай историябыт 1950-с сылларга оҥоһуллан турар. Үс томнаах кинигэ тахсыбыта. Бастакы томугар барыта Алексей Окладников суруйуута этэ. Ол кэмтэн ыла үйэ аҥарыттан ордук кэм ааста, элбэх үлэ сурулунна. Билигин итини иккиһин саҥардыы үлэтэ ыытыллан түмүктэнэн эрэр. Эмиэ үс томнаах кинигэ буолуохтаах. Структурата уруккутааҕар атын, саҥалыы оҥоһуллар. Мин рукописьтарын көрө сылдьабын. Биирдиилээн кинигэлэр таҕыстылар. Ити үчүгэй, хайҕаллаах. Саҥа тахсар Саха сирин официальнай историятын кинигэтигэр ким да мөккүспэт гына бастакы көлүөнэ саха интеллигенциятын суолтатын, кинилэр үлэлэрин, ситиһиилэрин, тугу гыммыттарын, үлэлэрэ инники өттүгэр туох кэскиллээх буолбутун, норуоттарыгар хайдах дьайбытын барытын киллэриэх тустаахпыт. Бастакы көлүөнэ чаҕылхай дьоно бука бары түмүллэн кинигэҕэ киирдэхтэринэ, кэнчээри ыччаппытыгар дьоһун бэлэх буолуо этэ», — диэн түмүктээтэ.
Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Сербияттан анаан-минээн кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнигэр Лариса Реасовна Кулаковская-Велисавлевичка омук сиригэр дойдутун ааттата сылдьар, тэрээһиннэри ыытар киһиэхэ махтанан туран, «Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сыла» бэлиэни туттарда.
Өксөкүлээх Өлөксөй саха тылыгар научнай үлэлэрэ «Историческая память» партийнай бырайыак чэрчитинэн уонна «Саханефтегазсбыт» тэрилтэ генеральнай дириэкгэрэ, Ил Түмэн депутата Игорь Никитин өйөбүлүнэн, туспа кинигэ буолан таҕыста. Сүрэхтэниигэ Игорь Никитин Людмила Реасовна туһунан олус истиҥник аҕынна. «Кинини кытары алтыһан олус элбэҕи биллим, бэл диэтэр, биир хаартыскаҕа бэйэм эһэбин буллум. Кини туһунан үөрэтиэхпин баҕарабын», — диэн санаатын эттэ.
Филологическай наука доктора, академик Петр Слепцов, филологическай наука доктора, литературовед Прасковья Сивцева-Максимова бэйэлэрин этиилэригэр, Людмила Реасовна Кулаковская бу тиһэх үлэтигэр Өксөкүлээх научнай үлэлэрэ, суруктара олус дьоһуннаахтык, дириҥник бэриллибиттэрин, кинигэ суолталаах өрүттэрин бэлиэтээтилэр. Учуонайдар бу кинигэҕэ ураты сыаналааҕынан Людмила Кулаковская суруйбут комментарийдара буолаллар диэтилэр.
«Улуу Өксөкүлээх – сырдатааччы, бөлүһүөк, саха уус-уран литературатын төрүттээччи, уопсастыбаннай деятель, туохтааҕар даҕаны, сахатын дьоно-сэргэтэ үөрэхтээх, кимтэн да итэҕэһэ суох сайдыылаах, дьоллоох буолуон баҕарара», — диэн Людмила Реасовна Кулаковская биир интервьютугар этэн турардаах. «Архыыпка докумуоннары көрдөөн булууга, чинчийиигэ, эһэм тыыннаах ситимэ буоларым миэхэ көмөлөһөр курдук. Ол докумуоннарга кини туохтан туоххаһыйбытын, сүрэҕэ туохтан аймаммытын, долгуйбутун, геннай таһымҥа өйбүнэн-санаабынан, эппинэн-хааммынан чугастык ылынан өйдүүбүн дии саныыбын. Өксөкүлээх кинигэлэрэ бэчээккэ тахсалларыгар, мусуойа тэриллэригэр, айымньылара үөрэх учебниктарыгар үчүгэйдик, өссө киэҥник, олохтоохтук киллэриллэллэригэр, онтон да атын кэккэ боппуруостары быһаарыыга, эрэл кыыма баар», — диэбит ыра санаата олоххо киирэригэр баҕарабыт.
This post was published on 16.02.2018 09:09 09:09