Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ кинигэ быыстапкатыгар ыҥырар

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин үөрэтэр-методическай киин дьоҕус библиотеката уонна Национальнай библиотека олунньу 13 күнүгэр кинигэ быыстапкатын туруордулар. Дьаһал олунньу 21 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.


Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр олунньу 21 күнүгэр диэри кинигэ быыстапката үлэлиир.

«Биһиэхэ дьоҕус кинигэ быыстапката турда. Ол курдук Россия улуу судаарыстыбатыгар араас омуктар сомоҕолоһон олороллор, хас биирдии норуокка, кини тылыгар, култууратыгар, итэҕэлигэр хас биирдиибит убаастабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһабыт. Быыстапкаҕа улуу нуучча омугун тыл туһунан көрүүлэр, үлэлэр, нуучча тылын уөрэтии тирэхтэрин туһунан, нуучча улуу норуоота Саха сиригэр кэлэн олохсуйууларын историята, атын тылга сыһыанын туһунан кинигэлэр, аҕыйах ахсааннаах омуктар, холобур, эбэҥки тылынан суруллубут айымньылар, тылдьыттар, түүр омук тылларын туһунан филология хайысхатынан үлэлэр, нуучча тюркологтара узбек тылын туһунан үлэлэрэ, алтай омугун Ойротскай эпохатын кэминээҕи үһүйээн, алтай туһунан аман-өс кинигэтэ, киргиис тылынан тахсар сурунааллар, манаас, кылгас тэттик кэпсээннэрэ, хоһоонноро, таджик тылын туһунан, фонетикатын үөрэтии туһунан кылгас очеркалар турдулар«, — диэн кэпсииллэр тэрийээччилэр.

Төрөөбүт тылга Саха сиригэр сүдү суолта ууруллар.

Олунньу 13 күнүгэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Быйыл бу күн Ил Дархан Айсен Николаев национальнай бэчээти сайыннарыы туһунан дириҥ ис суолталаах ыйааҕы таһаарда.

Араас норуот тылын култууратын харыстыыр, сүтэрбэт сыалтан аан дойдутааҕы төрөөбүт тыл күнүн туһунан ЮНЕСКО генеральнай конференциятын 30-с сессиятын быһаарыытынан 1999 сыллаахха бигэргитиллэн олунньу 21 күнүн 2000 сылтан саҕалаан сылын аайы бэлиэтиир буолла.

Тэрийээччилэр ураты суолталаах кинигэ быыстапкатын дьон кэрэхсииригэр, кэлэн билсэригэр ыҥыраллар.

This post was published on 17.02.2020 11:47 11:47