Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Ийэ тылбыт сүмэтэ бэйэбитигэр» диэн төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах үтүө тэрээһин буолла. Бу күн сахалыы ылбаҕай ырыалар кынаттанан көттүлэр, хомоҕой хоһооннор дорҕоонноохтук ааҕылыннылар.
Одун Хаан ыйыгар анаан СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Федорова салайааччылаах «Тойук» норуодунай, фольклорнай ансаамбыла туом толордо, онтон Юрий Васильев-Дьаргыстай тылларыгар уонна матыыбыгар «Сахам сайдар тылыгар» ырыаны ыллаата. Ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Хаарчаана Угапьева бэйэтин хомоҕой хоһооннорун дорҕоонноохтук аахта.
Хоһоон-ырыа дьоро киэһэтигэр айар талааннаах дьон кыттыыны ыллылар: хоһоонньут, мелодист, Россия уонна СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Зоя Никандровна-Кэкэрдэ; Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтин олохтооҕо, эдэр суруйааччы Борис Лугинов- Борогонскай; «Айар кут» хоһоонньуттар уонна прозаиктар регионнааҕы сойуустарын чилиэннэрэ Татьяна Колесова-Айсура, үлэ бэтэрээнэ Степанида Иванова-Санаара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Олимпиада Спиридонова; СӨ ырыа айааччыларын союһун чилиэнэ, СӨ культуратын туйгуна, мелодист, ырыаһыт Константин Мохначевскай; Арассыыйа Федерациятын уопсай үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Антонида Шестакова-Айыллаа; хоһоонньут, мелодист, «Айар аартыкпыт аргыстара» эдэр хоһоонньуттар уонна «Эчий» литературнай түмсүүлэр чилиэннэрэ, олоҥхоһут Игнатий Слепцов; СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, хоһоонньут, коллекционер, «Хоһоон хонуута» түмсүү чилиэнэ Сэргэ Кыыһа Тускулаана; Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет история факультетын устудьуоннара, эдэркээн ырыаһыттар Күннэй Ефимова уонна Дмитрий Никонов; ырыаһыт, хоһоонньут Семен Черноградскай, «Сайсары» норуодунай (сал. СӨ культуратын туйгуна Светлана Павлова) уонна «Күн Дьоно» (сал. Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар) бөлөхтөр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, тыл үөрэхтээҕэ, суруналыыс, «Уйулҕа хочото» айар түмсүү төрүттээччитэ уонна салайааччыта Акулина Иванова-Бээрийэ Кыыһа Айгыына саха тылын туһунан ылыннарыылаахтык санаатын арыйда, төрөөбүт тылбыт туһунан истиҥник-иһирэхтик ахтан ааста.
“Саха тылын сүмэһинэ эдэр көлүөнэ ыччаппытыгар, бэйэбитигэр иҥэн сылдьарын тухары ийэ тылбыт үйэлэргэ баар буолуоҕа», — диэн кэскиллээх санаатын этэн тэрээһини түмүктээтэ ыытааччы, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлииһэ Ираида Коркина.
Ааптар: Ираида Коркина, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин норуот култууратын салаата
This post was published on 17.02.2020 16:05 16:05