Крым атын регион туристарыгар сынньалаҥы от ыйын 1 күнүттэн арыйар. Эрдэттэн сакаастаһыы бэс ыйын 9 күнүттэн саҕаланна. Ол туһунан регион баһылыга Сергей Аксёнов социальнай ситимнэргэ эттэ диэн суруйар Парламентская газета.
«Российскай Федерация олохтоохторо от ыйын 1 күнүттэн Крым өрөспүүбүүкэтигэр туризм хайысхатынан сынньана кэлиэхтэрин сөп. Отеллэр уонна онно сыһыаннаах тэрилтэлэр путевкалары атыылааһыннара саҕаланна», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга Сергей Аксенов суруйда.
Бэс ыйын 15 күнүттэн Крымҥа самоизоляция эрэһиимэ уонна тастан киирбиттэргэ обсервация уһуллар. Бу күнтэн Крым өрөспүүбүлүкэтигэр уонна федеральнай суолталаах Севастополь куоракка кэлбиттэрин туоһулуур регистрациялаах уонна олохсуйан олорор дьоҥҥо гостиницалар, санаторийдар үлэлэрэ арыллар.
This post was published on 10.06.2020 14:02 14:02