Кремль дыбарыаһын сыанатыгар олоҥхо толоруллуоҕа

Москваҕа балаҕан ыйын 18 күнүгэр дойду национальнай оркестрдарын бэстибээллэрин гала-кэнсиэрдэрэ буолла. Манна  дирижер Юлия Швецова салайааччылаах Саха сиринээҕи филармония оркестра кытынна.

Саха сиринээҕи оркестр Алдан композитора Николай Котов «В мире Олонхо» айымньытын толордо. Гала-кэнсиэр Россияҕа норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар ананар, СИА суруйар.

«Айымньы өрөспүүбүлүкэҕэ олорор норуоттар сомоҕолоһууларын көрдөрөр. Үгэстэри уонна норуоттар баай култуурунай нэһилиэстибэлээхтэрин кэпсиир», – диэн оркестрга эттилэр.

Кинилэри сэргэ «БалАнс» балалайкаһыттар ансаамбыллара кыттар, салайааччылара Саха сирин үтүөлээх артыыһа Дмитрий Швецов.

Хаартыска: Саха сиринээҕи ГКО

This post was published on 19.09.2022 11:01 11:01