Сэбээн Күөлүгэр таба эрэ баар буолбатах. Елена Протопопова бааһынай хаһаайыстыбатыгар сүүрбэ икки коза иитиллэр.
Елена Климентьевна коза иитиитинэн 2013 сылтан дьарыктанар, аан бастаан Сангаартан үс төбөнү атыылаһан аҕалбыт. Олор аҕыйах сыл иһигэр төрөөн-ууһаан эбиллибиттэр. Ахсааннара элбээн, хаһаайкалара саҥа ыыр тэрил ылыммыт. Сайыҥҥы өттүгэр күҥҥэ 15 лиитирэ үүтү ыыр. Онтун оҕо уһуйааныгар туттарар, сорҕотун нэһилиэнньэҕэ атыылыыр.
Билигин түөрт козата хайыы-үйэ төрөөбүт. Биир коза оҕота оруобуна улуус дьаһалтатын отчуотун күн төрөөн, Отчуот диэн ааттаабыттар.
“Коза көрүүтэ-истиитэ судургу, 30 куул уотурбанан, 7 туонна отунан кыстыыллар. Икки сылынан төрүөх биэрэн бараллар. Онон төрүүр козам ахсаанын 35-кэ тиэрдэр санаалаахпын”, — диэн сэһэргиир урбаанньыт Елена Протопопова.
This post was published on 18.02.2016 09:28 09:28