Космос аппараттарын инженер-конструкторанынан үлэлээбит, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, тыыл бэтэрээнэ Ефрем Ильич Апросимов Уус-Майа оройуонун Күп нэһилиэгин Тумул учаастагар 1922 сыллаахха тохсунньу ыйга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 16-с бүтэһик оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Эдьээн сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрээт, учууталлаабыт. 1943 сыллаахха баҕа өттүнэн сэриигэ барбыт. Онтон икки уордьаннаах, үс мэтээллээх төннөр. Сэрии кэннэ икки үрдүк үөрэҕи туйгуннук бүтэрэр: Пятигорскайдааҕы пединститут физика уонна математика салаатын уонна Таганрогскайдааҕы радиотехника институтун. Кини бу институту космостааҕы радиосибээс уонна телемеханика идэлээх бүтэрэр уонна бастакы выпускниктарын кэккэлэригэр киирсэр.
Тута Красноярск-26 сабыылаах куоракка сүрүннүүр исписэлииһинэн ананар. Бастакы байыаннай баллистическай ракеталары оҥорууга уонна үлэлэтиигэ, кэлин «Космос», «Буран» Сирдээҕи космос спутниктарын, «Молния», «Радуга» уонна «Экран» сибээс, телевидение спутниктарын оҥорон таһаарыыга үлэлиир.
Кини кылаабынай исписэлииһинэн, ол кэннэ кылаабынай эксперинэн саҥа айыллар спутниктарга туох баар билиитин аныыр. Байконурга спутнигы бэрэбиэркэлээһиҥҥэ элбэхтик кыттар, Сергей Павлович Королеву уонна академик Андрей Дмитриевич Сахаровы кытта тус билсэр.
“Хомойуох иһин, биһиги, кини биир дойдулаахтара, кини туһунан өлбүтүн эрэ кэннэ билбиппит. 1992 сыллаахха, Ефрем Ильич баҕа санаатын толорон, доҕотторо, бииргэ үлэлиир дьоно көмүс уҥуоҕун дойдутугар Күпкэ аҕалбыттара. Онно наҕараадаларын, үлэлээбитин туһунан туоһу суруктары, характеристикатын илдьэ кэлбиттэрэ. Кини билиитин эдэр дьоҥҥо тириэрдэр ураты талааннааҕын, ханнык баҕарар инженернай садаачаны суоттуурга көмөлөһөрүн иһин “Учуутал” диэн ыҥыралларын кэпсээбиттэрэ», — диэн саныыллар биир дойдулаахтара.
Ефрем Ильич Апросимов олорбут олоҕун, үлэлээбит кэмин тухары Аҕа дойдуга бэриниилээх буолууга сыһыаннаах 13 уордьанынан уонна мэтээлинэн, түөрт бочуоттаах Бэлиэнэн, элбэх бочуотунай грамотанан уонна махтал суругунан наҕараадаламмыт.
“Биһиги биир дойдулаахпыт Ефрем Ильич Апросимов баараҕай дойдубут сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитин сыаналыыбыт, кини оҥорбут дьыалата барыбыт сүрэхпитигэр тыыннаах!», — диэн түмүктээтилэр.