Космоска бастакы көтүү сүдү күнүгэр эбээбит дойдуну кытта тэҥҥэ үөрбүтэ, долгуйбута

Быйыл Ю.А. Гагарин космоска көппүтэ 55 сыла. Киһи аймах историятыгар киирит, кыһыл көмүс буукубаларынан суруллубут ол сүдү күн тыыннаах туоһуларыттан биирдэстэрэ эбээбит Спиридонова Мария Тимофеевна ахтыытын дьон-сэргэ болҕомтотугар таһаарабыт.


Бастакы спутник көтөрүгэр, мин оруобуна 1957 сылга Чурапчы оройуонугар, саҥа аһыллыбыт оскуола-интернатка кастеляншанан үлэлии киирбитим. Сири тула бастакы спутник көппүтүн туһунан дьонтон истэн билбитим. Радионан эппит этилэр. Өссө: «Халлааҥҥа көрүн, хамныыр күөх уоттаах сулус курдук туочука көстүөҕэ”, — диэн. Халлааҥҥа хайа диэки уонна хас чааска көстөрүн чуолкай ыйбыттара. Дьон барыта хас да күнү быһа киэһээ аайы таһырдьа тахса-тахса ол спутник көтөрүн көрөр этибит, син үчүгэйдик көстөр этэ, дьэ интэриэһинэй баҕайы!

Киһи аан бастаан космоска көппүтүн эмиэ үчүгэйдик өйдүүбүн. Оччотооҕута, 1961 сыллаахха, эмиэ интернат оскуолаҕа кастеляншанан үлэлиирим. Оччолого мин 30-тан тахса саастаах этим, бэһис оҕом Надя биэс ыйдааҕа.

Ол сааскы күн мин өйдүүрбүнэн сып-сылаас, ып-ыраас халлаан этэ. Эбиэт кэнниттэн оскуолаҕа иитээччилэр хосторугар киирэн мунньахтыы олорордохпутуна, истиэнэҕэ ыйанан турар тэриэккэ радио «1961 сыл муус устар 12 күнүгэр космоска киһи көттө, Советскай Союз гражданина Гагарин Юрий Алексеевич», — диэн эмискэ баҕайы тоҕо барбыта. Онно миэхэ иитээччи Петр Егорович Спиридонов: «Дьэ доҕоор, бар, интернатка сүүр, ыстаарсай баспытааталы булан аҕал!» – диэтэ. Оччолорго суос-соҕотох радио иитээччилэр хосторугар эрэ баара, олорор куорпуска суох буолан, оҕолор билбэт буоллахтара дии. Дьэ, сүүрэн аҕай корпустан старшай баспытааталы булан аҕалбытым. Ол быыһыгар көрсүбүт дьоннорбор кэпсии-кэпсии сүүрбүтүм. Оскуола үлэһиттэрэ бу сонуну бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэ-истиһэ, дьон мустан олорор хоһугар кэлбиттэрэ. Оттон сотору буолан баран радионан иккис биэриигэ «Гагарин этэҥҥэ сир шаарын эргийэн түспүт үһү» диэн кэпсээбиттэрэ. Үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуппут. Инньэ гынан киэһэ уруок кэнниттэн миитин буолбута. Ол кэмҥэ директор Павел Павлович Михалев этэ, кини тыл эппитэ, оҕолорго Гагарин уонна космос тустарынан кэпсээбитэ. Ол күнү олус үчүгэйдик өйдөөбүппүн, билигин даҕаны бу курдук хараҕым иннигэр баар.

Эбээбит Спиридонова Мария Тимофеевна туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык: Кини 1930 сыллаахха Чурапчы оройуонун Хатылы нэһилиэгэр, дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.

Аҕалара эрдэ өлөн ийэлэрэ Ирина Архиповна биэс оҕону соҕотоҕун ииппитэ. 1938 сыллаахха оскуолаҕа киирбитэ. Ол гынан баран 1941 сыллаахха сэрии сут кураан саҕаланан Чурапчы улууһун колхуостарын күүс өттүннэн хоту көһөрүүгэ түбэһэн, 1942 сылга Кэбээйигэ Арыттаахха (билиҥҥитэ Мукучу) тиийбиттэрэ. Онно Мукучу оскуолатыгар 1944 сыллаахха дылы үөрэммитэ. 1944 сыллаахха дойдуларыгар төттөрү көһөн кэлбиттэрэ. Мария ол сылтан ШКМ (школа колхозной молодежи) үөрэнэн ахсыс кылааһы бүтэрбитэ уонна Дьокуускайга киномеханиктар курстарыгар үөрэнэн, Чурапчыга киномеханигынан үлэлии сылдьан 1949 сыллаахха Спиридонов Семен Егоровиһы кытта холбоһон, Кытаанах нэһилиэгэр тахсан оскуолаҕа техүлэһитинэн үлэлээбитэ. Семен Егоровичтыын сэттэ оҕону (Иван, Любовь, Тимофей, Семен, Надежда, Вера, Сардана) улаатыннаран үрдүк үөрэхтээх, ытыктанар дьон гына иитэн таһаарбыттара. Онтон 1957 сылтан оскуола-интернат аһыллыаҕыттан онно кастеляншанан үлэлээбитэ. 1964 сыллаахха саҥа аһыллыбыт оскуола-интернат детсаадыгар сэбиэдиссэйинэн ананан 1974 сыллаахха дылы үлэлээбитэ. 1974 сыллаахтан Чурапчы култуура отделыгар көһөн кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1985 с. Дьокуускайга көһөн киирэн горисполкомҥа, опера уонна балет театрыгар уонна ЯНЦ спортзалыгар техүлэһитинэн үлэлээбитэ. 1993 сыллаахха ЯНЦ вахтерунан үлэҕэ көспүтэ. Онно 76 сааһыгар дылы үлэлээбитэ. Билигин сааһа 86-та, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

This post was published on 12.04.2016 16:38 16:38