Тырымныы, тыргылла тыгар сулустары кытта Ийэ сирбитин быһаччы сибээстиир Байконур космодром килбэйэр киинигэр турабыт. Халлаан оройуттан уот-субурҕа кутуруктаах метеориттар сир диэки таҥнары сурулуур буоллахтарына, мантан киһи аймах эт мэйиитинэн мындырдаан оҥорбут хараабылларын муоһалаан, Сир тардыытыттан төлө көтөн чыпчылыйыах түгэнигэр халлаан куйаарыгар өрө сурулаан тахсар.
«Союз ТМ -13» аракыата
Сарсыарда тыҥ хатыытыттан космодром байыаннай гарнизонун начаалынньыга, тарнспортнай хараабыллары көтүтэр хаҥас кынат комплексын салайааччы полковник Леонид Павлович Горюшкины батыһан өйүүн көтүөхтээх «Союз ТМ -13” космическай хараабылы көрө баран иһэбит. Эрдэ буолан, гарнизон уһукта илик. Арай дьуһуурустубалыыр байыаннайдар «бу туох ааттаах дьоно сирилийэн-бурулуйан кэллилэр» диэбиттии сирэйбитин-харахпытын көрөн хаалаллар. Этэр курдук, субу аҕай көтөөрү таҥыллан бэлэм сытар хараабылга хара сарсыардаттан биһиги курдук дьон ааҥныы илик буолуохтаартар.
Уорааннырар киэҥ дойдуга киирэн кэлбиппит, дьэ доҕоор, тимир ыллык үрдүгэр платформаҕа килбэйэн, киппэллэн, ох курдук субуруйан сытар эбит ээ!Киһи сөҕө да, салла да көрөн туруох айылаах «кыыла».
— Кэлиҥ, чугастан тутан-хабан, таарыйан көрүөҕүҥ,— конструкторы солбуйааччы Гобылко платформа үрдүгэр ыттар.
— Эһиэхэҕэ көҥүллүүбүт. —Бу үлүгэрдээх «кыыл» төһө ыйааһыннаах буолуой. Халлаан куйаарыгар көтүтүөх диэтэххэ иэдээн…
— Кураанах сытан 30-ча тонна ыйааһыннаах. Толору саппараапкаланнаҕына 300 тонна буолуоҕа. Ити күлтэспит баахтарыгар уонна сүрүн иккис сүһүөххэ кыраһыын, кислород кутуллар. Онон ханнык да буортута суох уматык туттуллар.
— Ээ, биһиги үрдүбүтүгэр маннык иккис сүһүөх арахсан түһэр буоллаҕа дии?
— Син биир буолан баран, «Союз» буолбатах, атын ракета сүһүөҕэ.
— Ньурба кулубатын Семен Никифоровиһы иккис сүһүөххэ уган көтүтүөххэ. Дойдутугар тиийэн арахсан түстүн,— делегация чилиэннэрэ бэһиэлэйдээн күлсэллэр.— Ракета кырамталара сиргэ тиийэллэр эбит дуу, суох дуу, дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр бэйэлээх бэйэтинэн тыыннаах дакаастабылынан буоллун. Кылаабынайа, дьиэҕэр аҕыйах мүнүүтэнэн тиийэҕин, хайа, уонна саха бастакы космонава буолуоҥ турдаҕа!
Өйүүнүгэр, чаҕылхай ыраас күн космонавт Александр Волков хамандыырдаах, казах уола , Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, истребитель летчик Токтар Аубакиров, австриец Франс Фибек састааптаах норуоттар икки ардыларынааҕы экипажтаах «Союз ТМ-13” космическай хараабыл саха дьонун ытыстарын сылааһын илдьэ халлаан куйаарыгар ытыллан тахсыбыта. «Этэҥҥэ көтөн, Ийэ сиргитигэр эргиллиҥ!»— диэн уу сахалыы алгыы хаалбыппыт.
Бу үйэ чиэппэрин анараа өртүгэр буолбут түгэни аҕынным. Оччолорго, 1991 сыллаах күһүн, бэйэтин судаарыстыбаннай суверенитетын ылыммыт Саха ССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата Климент Егорович Иванов баһылыктаах өрөспүүбүлүкэ делегацията, «Байконур» космодром салалтатын ыҥырыытынан анаан-минээн бара сылдьыбыта. Тоҕо диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэ салалтата аны биһигиттэн көҥүлэ суох, сөпсөһүннэрбэккэ эрэ Саха сирин үрдүнэн ракеталары көтүтэргит, араас дьайыылары оҥороргут көҥүллэммэт диэн быһаччы боппуруоһу туруорбута. Аһаҕастык этии-тыыныы, демократическай уларыйыылар тыыннара дьон-сэргэ өйүн-санаатын уһугуннарбыта. Тулалыыр эйгэ, айылҕа харыстабылын, олохтоохтор доруобуйаларын туругун боппуруостара сытыытык туруоруллубуттара. Сэрэппэккэ, ыйыпакка да сир анныгар ядернай дэлби тэптэриилэри, ракеталар тобохторо түһүүлэрин утарбыттара. Сэбиэскэй саҕана Саха АССР бырабыыталыстыбатын 1985 cыллааҕы уурааҕынан Ленинскэй (Ньурба) оройуонун сиригэр-уотугар 15 учаастакка ракета иккис түһүмэҕин тобоҕо түһүөхтээҕэ көҥүллэммит этэ. Саха ССР делегацията, оччолорго Үрдүкү Сэбиэт экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ В.Г.Алексеев, Айылҕа харыстабылыгар госкомитет бэрэссэдээтэлэ М.Е.Лукин, Ленинскэй райисполом бэрэссэдээтэлэ С.Н.Романов, о.д.а. космодром салалтатын кытта быһаччы дуогабар түһэрсэн, 15 учаастагы тохтотон, «Хорула» сопхуос сиригэр-уотугар иккис сүһүөх тобоҕо түһэр биир эрэ учаастагы хаалларбыта. Олорчу тохототор баҕарбыт иһин, кыаллыбат буоллаҕа. Бүтүн дойду научнай-байыаннай кыаҕын интэриэһэ таарыйылларынан. Ити улахан ситиһии этэ.
Делегация ити сырыытыгар Сахабыт сирин киэҥ киэлитигэр сирбит баайын саппааһын, ойуурбут, уубут, сүөһүбүт-сылгыбыт, табабыт мэччирэҥин туруктарын чинчийиигэ, аргыстар көмөлөрүнэн сибээс ситимин кэҥэтии, хаачыстыбатын тупсарыы боппуруостарыгар бииргэ үлэлэһэргэ кэскиллээх кэпсэтиини ыыппыта. Климент Егорович Иванов дойду оччотооҕу ракетнай-космическай сэриилэрин командующайа генерал-полковник В.Л. Иванову, генеральнай конструктор Семеновы, космонавтар бөлөхтөрүн салайааччы генерал Шаталовы, космодром начаалынньыга генерал Крыжкону кытта сирэй көрсүһүүтүгэр саха космонабын бэлэмниир, көтүтэр боппуруоһу туруоран, сөбүлэҥнэрин ылбыта.
Өрөспүүбүлүкэ делегацията космодромҥа тиийбит биир төрүөтүнэн байконурдар оччотооҕуга түөрэккэй балаһыанньаҕа киирэн ыксаан олорор кэмнэрэ этэ. Бары өртүнэн урутаан хааччылла олорбут космос салаатыгар үп-харчы көрүллүүтэ, материальнай-техническэй сэбилэнии бигэ тиһигэ үрэллибит, моральнай-политическай быһыы-майгы айгыраабыт балаһыанньалаахтара. Ол иһин Саха сирэ курдук алмаастаах, углеводороднай баай саппаастаах, космическай тиэхиньикэ оҥоһуллуутугар туһаныллар хостонор баайдаах региоҥҥа сыста, көмө көрдүү сатаабыттара.
Оҕо сааһым Аргыһа
Ыраах Байконурга оҕо сааһым аргыһын – бастакы Сир аргыһын – долгуйа да, уйадыйа да астыныахпар диэри көрөн турдум. Дыыгыначчы үрдэриллибит футбол мээчигиттэн эрэ арыый обургу соҕус эбит. Киһи хараҕа халтарыйар кып-кылабачыгас. Антенналара тыраадыһан, үөһээ тэйгэччи ыйанан турар. Кэмигэр бүтүн аан дойдуну аймаабыт, ууга-уокка түһэрэн сөхтөрбүт тимир саарык. Аралдьыйан, ким да көрбөтүгэр, сэрэнэн-сэрэнэн даҕайан-имэрийэн ыллым: тыбыс-тымныы, ньып-ньылҕаархай.
…Бу туран, киһи-хара буолан баччааҥҥа тиийиэхпэр, олоҕум суолугар умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыт оҕо сааһым аргыстарын, убаастыыр-ытыктыыр аҕа дьоммун ахтан-санаан кэллим. Кинилэр билигин суохтар. Өлөөхтөөн, күн сириттэн сүтэн тураллар.
– Аҕаа, Бүөккээ, Миитээ, Сэмээн! Көрөҕүт дуо? Бастакы Сир аргыһын – уот сулуһу оҥостон туран төһөлөөх астына: «Биһиги, сэбиэскэйдэр, эмиэрикэлэри куоттубут ээ»,— диэн күө-дьаа буолан, киэн тутта одуулаабыккытый. Оччолорго иннигитигэр-кэннигитигэр сырсыаккалаһар оҕолоргутуттан биирдэстэрэ, ол аргыскытын бу кэлэн илэ көрөбүн, тарбахпынан таарыйабын! – хаһыытыахпын баҕарталаан ыллым.
Табаарыспыныын, Өлөксөйдүүн, ол сыл «ньолубуой» кылааска киирэммит, оскуола дьоно буолбуппут. Ити 1957 сыл алтынньы ый саҥатыгар этэ. Дэриэбинэҕэ ыал ахсын да буолбатар, күөстэнэр миискэ хаппаҕын курдук тэллэгэр хара араадьыйалаахтар: «Киэһээ бу бириэмэҕэ Сир аргыһын, устан ааһар сулуһу, халлааҥҥа кэтээн көрүөххүтүн сөп»,—диэн биллэриини истибиттэрэ. Осуолабыт дириэктэрэ Дмитрий Ильич Григорьев, хаһан да араарбат биир миэтэрэлээх мас элиниэйкэтин тайахтанан туран, барыбытын стройдатан ол туһунан иһитиннэрбитэ.
Оччолорго дэриэбинэ дьоно киэһээтин сынньаналлара, аралдьыйаллара киинэ эрэ буолара. Эдэрдиин-кырдьаҕастыын, киэһээ аһылыкпыт кэнниттэн самнархай кулууппутугар күргүөмүнэн анньан тиийэрбит. Биһиги, кыралар, тиирэ тардыллыбыт маҥан таҥас анныгар муостаҕа булумахтаһарбыт. Олорон эрэ, тиэрэ түһэ сытан киинэ көрөрбүт.
Биир киэһээ киинэмэхээнньик Өкүлүүнэ убайдарбытын, оту-маһы тардыалыы сылдьар холкуос туруу үлэһиттэрин, мөҥөн-этэн киинэ мотуорун собуоттатан айманарын кэтэһэ таарыйа, көтөн ааһыахтаах Сир аргыһын көрөөрү оҕонньордуун-оҕолуун халлааны кэтээтибит. Ким урут көрөр эбит диэн кырдьаҕастар көх-нэм буолаллар.
Сир аргыһа
– Нохолоор, сытыы харахтаах дьон кытаатыҥ! — биригэдьиирбит Сиипсэп Миитээ өрө хантайан туран симириктиир.
– Бу киһи, дьэ, урут көрөрө буолуо, чынайбыта сүрдээх,— арыый эдэрчилэрин, суотчут Бөтүрүөп Сэмэни хаадьылаан, кыладыапсык Кэриэй Ыстапаан сулламмыт титирик курдук чуохаллан, бэргэһэтин сыҥаахтара таллаһаллар.
– Һуу! Ити ааһан эрэр. Көрүҥ, көрүҥ!— аҕам биирдэ аймана түһэр.
– Ханна-ханна, хайа сулус диэкиний? – үөмэхтэһии, олоотоһуу бөҕө.
– Оол, оол! Үргэл суолун туора-быһа ааста!
– Э-ээ! Быыкаайкаан чолбон сыыһа эбит. Тугун түргэнэй!..
– Харахтаахпыт Уйбаачаан буолан биэрдэ, һэ-һэ…—Бүөккэ оҕонньор
соодьоллон туран күлэр. Оччоттон баччаҕа диэри, хараҕынан саамай мөл-
төхтөрө, аҕам, кый үөһээнэн ааһан иһэр туочука саҕа сулуһу ким-хайа ин-
нинэ булан таба көрбүтүн сөҕө, муодаргыы саныыбын. Итинник буолуон күүппэтэх киһи, мин, сэттэлээх уолчаан үөрбүтүм, аҕабынан киэн туттубутум эриэхсит! Ол да иһин бу түгэн мин сүрэхпэр билиҥҥэ диэри субу баар курдук иҥэн сырыттаҕа…
– Оол-оол, Мартыын дьиэтин үрдүгэр тиийдэ! – аҕам айманара, табаҕын уота уота кыламныыра, ачыкытын тааһа килбэҥниирэ бу баарга дылы.
Күһүҥҥү хараҥа халлааҥҥа тыбыс-тымныынан чыпчылыҥныыр бачымах сулустар быыстарынан тырымныы тыгар «тыыннаах сулус» устан ааһарын, харахпыт ууланан сүтэрэн кэбиһэ-кэбиһэ, симэлийэн көстүбэт буолуор диэри өрө мыҥаан батыһа көрөн, сөҕө-махтайа аймана турбуппут.
«Пи-пи-пи»… Сир аргыһын «саҥата» кулгаахпар бу иһиллэн кэллэ. Мусуой үлэһитэ Аргыс тыаһын холбообут эбит. Оттон мин оҕо сааһым аргыһын өссө да арахсыбакка көрөн туруохпун баҕардым. Туох эрэ көстүбэт күүс тутар, ыыппат…
This post was published on 12.04.2017 12:15 12:15