Таатта улууһун ыһыаҕа Ытык Күөл төрүттэммитэ сүүс сылыгар, итиэннэ саханы саха дэппит, тумус туттар ытык мааны дьонноругар ананна.
Саха реалист суруйааччыта, норуот таптаан ааттыыр Алампа барахсан – А.И. Софронов төрөөбүтэ 130, саха народнай суруйааччыта, Таатта — музейдар түөлбэлэрэ дэппит, Үлэ Геройа, ытык мааны Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон 110, саха олоҕун эпопеятынан ааттанар «Сааскы кэм» романы суруйан, төрөөбүт төрүт тылбыт баай сүмэтин хаалларбыт, саха народнай суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа 110, олоҥхоһут М.Г. Соров 100, хорсун хоодуот буойун, Албан аат уордьанын толору кавалера Д.А. Петров 95 сыллара.
Ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар түөлбэлээн мустубуттар. Кинилэр ортолоругар Россия Геройа, үс төгүл космоска көппүт, киҥкиниир киэҥ куйаарга саха хомуһун тыаһаппыт, дойдуга литература сылынан Улуу биир дойдулаахпыт, бөлүһүөк А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Хомус» хоһоонун аахпыт Олег Кононенко баар. «Былырыын 142 хонук космос куйаарыгар Улуу биир дойдулааххыт А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй ураты оҥоһуулаах кинигэтин илдьэ сырыттым. Бэйэм литератураны, хоһоону олус сөбүлээн ааҕар буоламмын эһиги биир дойдулааххыт, суруйааччы, бөлөһүөк А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Хомус» хоһоонун толору уонна Лев Толстой «Сэрии уонна Эйэ» романыттан быһа тардыыны орбитаттан аахпытым. Маныаха суруйааччы Кулаковскай: «Саха норуотун – сырдык сарсыҥҥыта нуучча норуотун кытта биир сомоҕо буолуу, олоруу», — диэн эппитин ылынным. Эһиэхэ баҕарабын үтүө үлэни, доҕордоһууну, чэчирии сайдыыны», — диэтэ космонавт.
Олег Дмитриевич Кононенкоҕа улууспут үрдүкү наҕараадатын «Таатта улууһун бочуоттаах гражданинын» бэлиэтин улуус баһылыга Михаил Соров ытыс тыаһын ортотугар туттарда.
This post was published on 29.06.2016 11:09 11:09