Коронавирус тарҕаныыта өрөспүүбүлүкэҕэ билигин да элбэх. Ааспыт сууккаҕа 64 киһи эбии ыарыйда. Вице-премьер Ольга Балабкина вирус ыраах нэһилиэктэринэн тарҕанан эрэр диир.
Саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии бара турар. Билии күнэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааһыа диэн эрэнэбит диир, Ольга Валерьевна. «Билигин оскуолаларга өрөмүөн үгэнэ. Кылаастарга оҕо ахсаанын аҕыйатар туһунан толкуйдуубут. Санитарнай-эпидемиологическай быраабылалар хайаан да тутуһуллуохтарын наада. Маны таһынан харыстанар маллар, салгыны ыраастыыр тэриллэр ылыллыахтара», — диэтэ COVID-19 тарҕаныытын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэриитин кэмигэр вице-премьер Ольга Балабкина.
This post was published on 10.08.2020 14:01 14:01