Коронавирустан харыстаныыга хонтуруол кытаатар

Ил Дархан алтынньы 9 күнүнээҕи 1466№-дээх Ыйааҕын чэрчитинэн алтынньы 12-13 күннэригэр 12 улууска уонна Дьокуускай куоракка коронавирустан харыстанар миэрэлэри күүһүрдэр сыалтан хонтуруол үлэтэ кытаатта.


Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы э.т. Михаил Никифоров бу дьаһал Саха сирин түөрт промышленнай улууһугар — Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, ону таһынан тыа сирин улуустарыгар Нам, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы, Сунтаар, итиэннэ хоту Абый, Уус-Маайа, Аллара Халыма улуустарыгар тарҕанарын эттэ.

«Атын улуустарга күүһүрдүү биллэриллибэтэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 249 рейдэ ыытылынна, 30 дьаһал таҕыста, 35 предписание туттарылынна, 10 комиссионнай кэтээн көрүү аакталара оҥоһулуннулар. Аҕыс административнай бэрээдэги кэһии боротокуола оҥоһулунна. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 135 профилактическай кэпсэтии ыытылынна», — диэтэ Михаил Викторович.

«Дьокуускайга уопсайа 31 выездной бэрэбиэркэ оҥоһулунна. Ол иһигэр 25 атыы-эргиэн эбийиэктэригэр, түөрт общепит, биир сааратар, биир бытовой өҥө оҥорор сиргэ. Барыта 8 комиссионнай көрүү аактата, үс протокол оҥоһулунна, 10 профилактическай кэпсэтии барда”, — диэтэ кини.

Улуус баһылыктарыгар туһаайан, нэдиэлэ аайы генеральнай уонна санитарнай обработканы оҥороллоругар сорудахтаатылар.

This post was published on 14.10.2020 15:01 15:01