Коронавирустан быһыыны маассабайдык сэтинньи бүтэһигиттэн туруоран саҕалыахтара

Коронавирустан көмүскүүр «Спутник V» вакцинаны дьоҥҥо сэтинньи бүтэһигиттэн маассабайдык туруоран саҕалыахтара. Бу туһунан вакцинаны оҥорбут «Р-Фарм» хампаанньа дириэктэрэ Василий Игнатьев иһитиннэрдэ.


«Быһыыны дьоҥҥо маассабайдык туруоруу сэтинньи бүтүүтүгэр, ахсынньыга саҕаланыан сөп», — диэтэ Игнатьев. Ити тула кэпсэтиилэр «күннэтэ» бараллар, диэтэ кини. Ол курдук, алтынньы 19 күнүгэр бырабыыталыстыбаҕа вице-премьер Татьяна Голикова салалталаах улахан мунньах буолбутун эттэ. Билигин «Спутник» быһыытын киэҥник оҥорууга биэс производственнай былаһаакка тэриллэн үлэлиир.

This post was published on 21.10.2020 15:01 15:01