Коронавирустан быһыыны балаҕан ыйын ортотуттан биэрэн саҕалыахтара

Барыллаан сабаҕалааһынынан, Арассыыйаҕа коронавирустан быһыыны балаҕан ыйын ортотуттан биэрэн саҕалыахтара диэн Российская газета суруйар. Вакцина оҥоһуллубут Гамалеи научнай киинин дириэктэрэ Александр Гинзбург этэринэн, 7-10 хонугунан быһыыны үһүс кэрчигэр тыһыынчанан киһиэхэ тургутан көрүөхтэрэ. Ол эрэ кэннэ 2-3 нэдиэлэнэн, баҕар, биир ыйынан дьону маассабайдык вакциналыахтара диир учуонай.


Быһыыны үһүс түһүмэххэ тургутууга хас эмэ уонунан тыһыынча киһи кыттыа. Тургутуу түөртэн алта ыйга диэри барыан сөп, диир Гинзбург.

Ахсынньы ыйга биир ый иһигэр түөрт-биэс мөлүйүөн дозаны оҥорору ситиһиэхтэрэ. Ити 9-12 ыйга дойдуга наадалаах вакцинаны оҥорору ситиһиэ.

“Спутник V” диэн ааттаах аан дойдуга коронавирустан бастакы вакцинаны Гамалеи киинэ айан таһаарда. Атырдьах ыйын 11 күнүгэр доклиническэй уонна клиническэй тургутуу кэннэ вакцина бигэргэммитэ.

This post was published on 17.08.2020 10:02 10:02