Коронавирустан быһыыны аҕа саастаах дьон ылыан сөп

Коронавирустан быһыыны аҕа саастаах дьон ылыан сөбүн туһунан бүгүн, суһал ыстаап күннээҕи иһитиннэриитин кэмигэр, вице-премьер Ольга Балабкина эттэ. 


Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирустан быһыыны туруоруу хампаанньата ааспыт нэдиэлэттэн саҕаламмыта. Бастакы уочарат нэһилиэнньэни кытары ыкса алтыһар дьон ылан саҕалаабыттара. Баҕалаахтар олорор сирдэринэн поликлиникаларыгар кэлэн ылыахтарын сөп.

Быһыыны хат дьахтар, оҕолорун эмтэрэр ийэлэр ылаллара бобуулаах. Маны таһынан аллергиялаах дьоҥҥо сэрэхтээх. Быһыы кимиэхэ барсарын-барсыбатын быраас быһаарар. Поликлиникалар баҕалаах дьону көрөргө бэлэмнэр.

Быһыыны ылыах иннинэ эбии ИФА, ИХА анаалыстарын туттарар наадата суох. Маны таһынан, бэҕэһээ, дойду доруобуйа харыстабылын миниистирэ регионнары кытары мунньаҕар быһыыны 60 саастарын ааспыт дьон ылыахтарын сөбүн бигэргэппит.

This post was published on 13.01.2021 15:01 15:01