22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Коронавирустаабыт оҕолору "Бэс чагдаҕа" чөлүгэр түһэрэллэр

15:02, 08 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавируһунан ыалдьыбыт оҕолору Дьокуускайдааҕы «Бэс чагда» оҕо сынньалаҥ уонна чэбдигирдэр киинигэр чөлүгэр түһэрэллэр. Бу туһунан ТАСС киин пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.


Билигин манна 120 оҕо Роспотребнадзор бары ирдэбиллэрин тутуһан чэбдигирдиини ааһа сылдьар. Бастакы симиэнэ ахсынньы 18 күнүгэр диэри cалҕаныа.

«Оҕолор салгыҥҥа сылдьаллар, күҥҥэ биэстэ аһыыллар, кислороднай коктейллары иһэллэр. Оскуола үөрэнээччилэригэр сайыннарар куурустар, оонньуулар, сааратар тэрээһиннэр ыытыллаллар», — дииллэр баһаатайдар. Маны таһынан, кинилэр тыыныы гимнастикатын оҥоруохтара, кинезиотерапияны, туустаах хоско тыыныыны, кислороднай терапияны, галотерапияны, эмтээх физкультураны ааһыахтара.

Чэбдигирии 14 хонуктаах. Аныгы симиэнэ эһиил талыллыа. Оҕолор кииҥҥэ учаастактааҕы педиатрдарыттан сөбүлэҥнээх киириэхтэрин сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА