Коронавирустаабыт биатлонистар Алдаҥҥа эмтэнэ хааллылар

Арассыыйа биатлоҥҥа сүүмэрдэммит хамаандата Алдаҥҥа дьарыгын түмүктээтэ. Сэтинньи 8 күнүттэн хамаанда дьарыгын Тюменьҥа салгыыр. Бу туһунан «Спорт Якутии» суруйар.


Санатабыт, Алдаҥҥа Арассыыйа эр дьоҥҥо хайыһарга уонна биатлоҥҥа сүүмэрдэммит хамаандалара аан дойдутааҕы чемпионакка уонна аан дойду Кубогын түһүмэҕэр бэлэмнэннилэр. Барыта 60 спортсмен сабыылаах эрэһиимҥэ эрчилиннэ.

Арассыыйа эр дьоҥҥо хайыһарга хамаандата Алдаҥҥа бастакытын дьарыктанна. Хамаанданы старшай тренер Олег Перевозчиков салайан илдьэ сырытта.

Хомойуох иһин, коронавирус спортсменнары тумнубата. Бастаан биатлонист Петр Пащенко коронавируһунан ыалдьыбыта. Дьарык түмүктэниитэ эбии биатлонист Александр Поварницын уонна түөрт хамаанда персонала ыалдьыбыта билиннэ. Кинилэр Роспотребнадзор дьаһалынан Алдаҥҥа ситэ эмтэнэ хааллылар.

Арассыыйа биатлоҥҥа сүүмэрдэммит хамаандата Алдаҥҥа икки быһаарыылаах хонтуруолунай дьарыгы ыытта.

Дьарык хайдах барбытын сиһилии манна аах https://ysia.ru/trener-komandy-po-biatlonu-yurij-kaminskij-ob-itogah-sbora-v-yakutii-i-koronaviruse/

This post was published on 05.11.2020 13:01 13:01