Алдан оройуонун Ыллымах нэһилиэгинээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр коронавируһунан маассабайдык сутуллуу таҕыста. Бу туһунан бэҕээһэҥҥи суһал ыстаап күннээҕи иһитиннэриитин кэмигэр вице-премьер Ольга Балабкина иһитиннэрбитэ. Билигин ыарыыны бохсорго туһааннаах үлэ толору ыытыллар.
Балаһыанньаны үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ хонтуруоллуур.
Билигин ыарыһахтары Алданнааҕы киин балыыһа салалтатынан эмтииллэр. Ыарыы үксээбэтин туһугар бары миэрэлэр тутуһуллаллар. Тумуулаабыт дьону кэмигэр туспа туталлар.
Тэрилтэ наадалаах эминэн, харыстанар сириэстибэлэринэн хааччыллыылаах. Ыарыыны бохсорго эбии мэдиссиинэ үлэһиттэрин анаатылар.
Ыллымахтааҕы интэринээт-дьиэ муус устар ыйтан сабыылаах эрэһииминэн үлэлиир. Тэрилтэ үлэтин тохтоппокко үлэлиир.