"Вектор" Новосибирскайдааҕы киин коронавируһу утары вакцинатын көҥүл өттүнэн ылбыттар доруобуйаларыгар охсуу көрсүбэтилэр. ТАСС-ка Роспотребнадзор пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. "Дуона суох уонна кылгас кэмнээх (1-2 күн) быһыы бэриллибит сиригэр ыарыыны аахпатахха, хас да баҕа өттүнэн быһыыны ылбыттар доруобуйаларыгар охсууну көрсүбэтилэр. “ЭпиВакКорона” вакцина клиникатын бэрэбиэркэлээһин чэрчитинэн тэрээһин ыытылынна. Вакцинация кэнниттэн баҕалаахтарга ханнык да ураты сибики биллибэтэ”, – диэн суруллар иһитиннэриигэ.