COVID-19 ыарыыны бохсор тыынар уорганынан вакцинаны былааннаммыттан эрдэлээн регистрациялыахтарын сөп. Ол туһунан Гамалея аатынан эпидемиология уонна микробиология наука киинин дириэктэрэ Александр Гинцбург эттэ.
Александр Гинцбург эппитинэн, кулун тутар 17 күнүттэн баҕалаахтары вакциналааһын саҕаланыаҕа. «Ол түмүгүнэн отчуот суруллуоҕа, ол кэннэ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ тыынар уорганынан вакцинаны туруорууну регистрациялыыр сөптөөҕүн дуу, сыыһатын дуу быһаарыаҕа. Регистрациялыахтара дии саныыбын, өссө былааннаммыттан эрдэлээн», — диэтэ кини (цитата РИА Новости).
Министиэристибэ тыынар уорганынан вакцинаны туруоруу клиническай чинчийиитин 2021 сыл алтынньытыгар көҥүллээбитэ.
Баҕа өттүнэн 104 вакцинаны ылааччыга эксперимент туох да реакцията суох ааһар.
This post was published on 09.03.2022 15:03 15:03