Коронавирус. Тоҕус улууска ыарыы үрдээһинэ бэлиэтэннэ

KHIMKI, MOSCOW REGION, RUSSIA - MAY 12, 2020: An employee at an intensive care unit of the Federal Clinical Center of Higher Medical Technologies (Clinical Hospital 119) of the Russian Federal Medical Biological Agency (FMBA) that treats COVID-19 patients, patients with suspected coronavirus and patients with viral community-acquired pneumonia. Sergei Bobylev/TASS Ðîññèÿ. Ìîñêîâñêàÿ îáëàñòü. Õèìêè. Ñîòðóäíèê â ðåàíèìàöèè Ôåäåðàëüíîãî êëèíè÷åñêîãî öåíòðà âûñîêèõ ìåäèöèíñêèõ òåõíîëîãèé Ôåäåðàëüíîãî ìåäèêî-áèîëîãè÷åñêîãî àãåíòñòâà (êëèíè÷åñêàÿ áîëüíèöà ¹119), ãäå îêàçûâàþò ïîìîùü ïàöèåíòàì c êîðîíàâèðóñíîé èíôåêöèåé èëè ïîäîçðåíèåì íà íåå, à òàêæå âíåáîëüíè÷íîé ïíåâìîíèåé âèðóñíîé ýòèîëîãèè. Ñåðãåé Áîáûëåâ/ÒÀÑÑ

Коронавирус ыарыыта бүтэһик күннэргэ Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Мииринэйгэ, Сунтаарга, Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа, Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка элбээбитэ бэлиэтэннэ. Ил Дархан Айсен Николаев суһал ыстаап мунньаҕын улуус баһылыктара кыттыылаах ыытта итиэннэ харыстаныы миэрэлэрин күүһүрдэри эттэ.


Ил Дархан коронавируһунан ыалдьыы билигин да элбэҕин, ааспыт сууккаҕа 145 киһи эбии ыалдьыбытын, итинтэн 82-тэ Дьокуускай олохтооҕо буоларын эттэ. «Билигин реанимацияҕа 104 киһи, ол иһигэр 24 киһи ыарахан туруктаах ИВЛ аппараатыгар сытар», — диэтэ кини.

Айсен Николаев дьон уоппускаттан кэлиитинэн ыарыыттан харыстанар миэрэлэри, хонтуруолу күүһүрдэри эттэ.

«Быһыыны ылыыны элбэтэр туһуттан биирдиилээн дьону кытары дьиэ кэргэҥҥэ, үлэ кэлэктииптэригэр, уопсастыбаҕа үлэлиэххэ наада», — диэтэ кини.

Билиҥҥитэ Саха сиригэр быһыыны нэһилиэнньэ 51 бырыһыана ылбыт.

Сиһилии манна көр https://ysia.ru/v-devyati-rajonah-yakutii-vyroslo-kolichestvo-zabolevshih-covid-19/

This post was published on 19.08.2021 17:03 17:03