Коронавирус инфекциятын кэмигэр ирдэбиллэри тутуспатахтарга боротокуол оҥоруутун бырааба муниципальнай административнай хамыыһыйаларга сүктэрилиннэ. Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ парламенын депутаттара сокуон ыллылар, СИА суруйар.
Регионнааҕы КоАП-ка саҥа ыстатыйа эбилиннэ, коронавирус инфекцията тарҕаныытын утарар уонна бохсор сыалтан ылыллар нуорма-быраап акталарын тутуһууга эппиэтинэһи сүгүүгэ, Ил Түмэн сайта суруйар.
Административнай дьыала оройуоннар уонна куораттар административнай хамыыһыйаларынан биирдиилээн уонна юридическай сирэйдэргэ толоруллар, өскөтүн кинилэр дьайыылара холуобунай накаастабылы сүкпэт буоллахтарына.
Сокуонунан ыстараап олохтонор — гражданнарга 1 000 — 4 000 солк, дуоһунастаах сирэйгэ — 15 000 — 40 000 солк; юридическай сирэйгэ — 200 тыһ — 300 тыһ солк. Иккистээн буруйу кэһэр түгэҥҥэ гражданнарга 4 000 — 5 000 солк; дуоһунастаах сирэйгэ — 40 000 — 50 000 солк; юридическай сирэйгэ — 300 тыһ — 500 тыһсолк.
This post was published on 19.06.2020 18:01 18:01