22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Коронавирус Саха сиригэр: 548 киһи ыалдьыбыт, 587 киһи үтүөрбүт

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр кэнники сууккаҕа коронавирус 548 саҥа түбэлтэтэ арылынна, 587 киһи үтүөрдэ, диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оперштаб биллэрдэ.

Дьокуускайга ордук элбэх киһи ыарыйда: күн иһигэр COVID-19 400-кэ киһиэхэ бигэргэппиттэр.

Оройуоннарга ордук элбэх Мэҥэ Хаҥаласка — 20,

Мииринэйгэ — 18,

Хаҥаласка — 12,

Намҥа, Ньурбаҕа — 11,

Чурапчыга — 10.

Кэккэ оройуоннарга күҥҥэ уонтан итэҕэһэ суох ыарыы бэлиэтэннэ.

42 ыарыһаҕы балыыһаҕа киллэрдилэр. Ыарыыны вакцинацията суох дьон ыараханнык аһардалларын бэлиэтииллэр. Стационарга эмтэниини ыалдьыбыт дьон уопсай ахсааныттан биир бырыһыан ылар. 484 ковидка аналлаах миэстэлэртэн чиэппэрэ киһитэ суох.

Санатан эттэххэ, бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Саха сиригэр булгуччулаах мааскалаах режими киллэрэр былааннамматын иһитиннэрбитэ, тоҕо диэтэххэ, ыарыы ыарахан содула суох ааһан иһэрин эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА