Коронавирус. Саха сиригэр 49 киһи үтүөрдэ

Саха сиригэр бүгүн Дьокуускайга өссө үс киһи коронавирустан үтүөрдэ. Онон уопсай ахсаан 49 тэҥ. СИА-ҕа суһал штаб иһитиннэрдэ.


Бүгүн, ыам ыйын 6 күнүгэр, Дьокуускай куорат инфекционнай балыыһатыттан үс киһи дьаҥтан үтүөрэн таҕыста.

Сарсыардааҥы иһитиннэриигэ Ленскэй оройуоннааҕы балыыһатыгар эмтэниини ааһан, биир киһи үтүөрбүтэ этиллибитэ.

Эмтэнии кэнниттэн өссө биир чинчийиини аастылар, түмүк — «отрицательнай».

Онон бүгүн түөрт киһи сыстыганнаах ыарыыттан босхолонно, онон Саха сирин үрдүнэн уопсайа 49 киһи үтүөрдэ.

This post was published on 06.05.2020 17:25 17:25