Коронавирус. Саха сиригэр 21 оҕо дьаҥҥа хаптарда

Саха сирин инфекционнай балыыһаларыгар коронавирус диагнозтаах 21 оҕо эмтэнэр. СИА суруйар.


Саха сирин инфекционнай балыыһаларыгар сыстыганнаах дьаҥтан 21 оҕо эмтэнэрин туһунан регион вице-премьера Ольга Балабкина эттэ.

Аҥардас ыам ыйын 2 күнүгэр сэттэ оҕо балыыһаҕа киирдэ. Кинилэргэ Covid-19 баара билиннэ.

Санаттахха, ыам ыйын 11 күнүгэр диэри дойду үрдүнэн муҥутуур бэлэмнээх буолуу эрэһиимэ биллэриллэн турар. Саха сиригэр эмиэ бу эрэһиими тутуһуу булгуччулаах.

Алдан куоратыгар уонна Ленинскэй бөһүөлэгэр, Сунтаар улууһун уонна Чайыҥда вахтовай бөһүөлэктэригэр Ил Дархан ыйааҕынан харантыыҥҥа олороллор.

Муус устар 30 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо дьиэлэригэр олороллоругар модьуйар көрдөһүүлээх этии оҥорбута.

This post was published on 03.05.2020 10:02 10:02