Коронавирус. Инфекцияттан сэрэнэргэ сэттэ хардыы

Саха сиринээҕи Роспот­ребнадзор управлениета коронавирус инфекциятыттан харыстанарга сүбэлэри биэрэр.


Уопсастыбаннай миэстэлэргэ (Эргиэн кииннэригэр, спорт уонна сынньалаҥ тэрилтэлэригэр, элбэх киһилээх тырааныспарга) сылдьартан туттунуҥ;

Уопсастыбаннай миэстэлэргэ сылдьаргытыгар биирдэ эрэ туттуллар мэдиссиинискэй маасканы (респираторы) туһаныҥ, 2-3 чаас буола-буола уларытыҥ.

ОРВИ (сөтөллөр, ытырдар, муннун уута сүүрэр) бэлиэлэрэ биллибит дьону кытары биир дьиэҕэ-­уокка сылдьымаҥ уонна чугастык алтыһымаҥ.

Уулуссаттан кэлэн баран, атын дьону кытары алтыһыы кэнниттэн илиигитин мыылалаах уунан суунуҥ.

Гаджеттаргытын, оргтиэхиньикэни уонна туттар малларгытын сууйа, ыраастыы сылдьыҥ.

Эҕэрдэлэһэргитигэр, төһө кыалларынан, куустуһаргытын уонна илии тутуһаргытын аҕыйатыҥ.

Саха сиринээҕи Роспот­ребнадзор управлениета коронавирус инфекциятыттан харыстанарга сүбэлэри биэрэр.

Коронавирус (COVID-19) инфекция сибикилэрэ дьыл кэмнэригэр кэлэн ааһар гириип сибикилэригэр майгынныыллар:

— Киһи кыраадыһа тахсар;

— Төбөтө ыалдьар;

— Сэниэтэ суох буолар;

— Сөтөллөр;

— Тыынара ыарыыр;

— Былчыҥнара ыалдьаллар;

— Сүрэҕэ эриллэр;

— Хотуолуур;

— Иһэ ыалдьар.

Өссө 5 быраабыла:

1. Туруккут мөлтөөтөҕүнэ, бы­­рааһы ыҥырыҥ, кэнники 2 нэдиэлэҕэ ханна сылдьыбыккытын уонна кимниин алтыспыккытын биллэриҥ. Быраас этиилэрин кытаанахтык тутуһуҥ.

2. Дьону, ордук кырдьаҕастары, оҕолору уонна дьарҕа ыарыылаахтары кытары алтыһаргытын аҕыйатыҥ. Ыарыһаҕы биир киһи көрөрө-истэрэ ордук.

3. Сөтөллөргүтүгэр уонна ­ытырдаргытыгар айаххытын сабан баран, биирдэ эрэ туһаныллар салпыакканы уонна кыра былааты (платогу) туһаныҥ. Итилэр суох буоллахтарына, айаххытын саба туттан баран ытырдыҥ.

4. Тус гигиена биридимиэттэрин уонна биирдэ туттуллар иһити эрэ туһаныҥ.

5. Дьиэҕитин дезинфек­циялыыр сириэстибэлэринэн суу­йуҥ, элбэхтик салгылатыҥ.

Надежда Егорова, edersaas.ru Хаартыска — iz.ru саайтан.

© edersaas.ru сайтан: http://edersaas.ru/koronavirus-6/

This post was published on 18.03.2020 10:26 10:26