Саха сирин территориятыгар тастан кэлэр дьону коронавирус инфекциятыгар бэрэбиэркэлээһин күүскэ барар. Бу туһунан вице-премьер Ольга Балабкина СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
«Муниципалитеттар баһылыктара кыраныысса таһыттан уонна Россия атын регионнарыттан кэлбит дьону кытта үлэлэһэллэр. Көтөр аалынан эрэ кэлбиттэри буолбакка, тимир уонна массыына суолунан айанньыттары эмиэ бэрэбиэркэлиибит. Өрөспүүбүлүкэҕэ баар инфекция тастан киирбитэ чуолкайдаммыта«, — сообщила Ольга Балабкина.
Салгыы салайааччы лабораториялар үлэлэрин сырдатта. Былаан быһыытынан илин эҥэр улууһугар эмиэ анаалыһы оҥорор тэрилтэ арыллыахтаах, диэтэ вице-премьер.
«Коронавирус инфекцията биллиэҕиттэн биһиги лабораторияларбытыгар 12 тыһыынча киһи анаалыс туттарда. Бу инфекцияны тарҕатааччылары булууга улахан үлэ ыытыллыбытын көрдөрөр», — диэтэ Ольга Балабкина.
This post was published on 16.04.2020 16:38 16:38