Коронавирус эмптэрэ булгуччулаах эмптэр испииһэктэригэр киирдилэр

Коронавирус эмптэрэ тыын суолталаах препараттар (перечень жизненно необходимых важнейших лекарственных препаратов ЖНВЛП) испииһэктэригэр киирдилэр.


Бу туһунан сэрэдэҕэ дойду доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко иһитиннэрдэ.

«Олоххо булгуччулаах эмтэр испииһэктэрин кэҥэтиигэ бырабыыталыстыба дьаһала баттанна. Онно коронавирус инфекциятын эмтиир эмптэр киирдилэр. Билигин регистрацияны ааспыт эмптэргэ сыана быһыы үлэтэ барар», — диэтэ миниистир Госдума доруобуйа харыстабылын кэмитиэтин онлайн-мунньаҕар.

Мурашко бастакы уочарат «Фавипиравир» сыаната федеральнай антимонопольнай сулууспаны кытары сөбүлэһии түмүгэр олохтонуон эттэ.

This post was published on 15.10.2020 17:01 17:01