Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа үлэһиттэрэ сыстыганнаах ыарыылартан харыстанар бүтэй көстүүмнэри бэйэ күүһүнэн тиктэн саҕалаатылар. Медиктэр ыарыы тарҕанар куттала күнтэн-күн тыҥааһыннанан иһэрин бэлиэтииллэр.
Кэлии-барыы, атыы-кутуу хааччахтаммыт кэмигэр, хантан эрэ көмө кэлиэ диэн кэтэһэн олорорбокко, бэйэ күүһүгэр эрэнэн, ыарыыны бохсор кыах баарыгар улуус доруобуйатын харыстабылын үлэһиттэрэ бүк эрэллээхтэр. Ол курдук физио-кабинет сиэстэрэтэ Ульяна Егоровна Никифорова, сэллик балыыһатын алын сүһүөх медперсонала Вероника Ивановна Николаева, ЦСО, ОПК алын сүһүөх медперсонала Екатерина Васильевна Адамова, киин балыыһа сиэстэрэ хаһаайката Ирина Даниловна Терехова уонна Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжтан практиканы ааһа сылдьар икки устудьуон коронавирус инфекциятыттан харыстанар комбинезон тигиитигэр үлэлии сылдьаллар.
Бүгүҥҥү туругунан барыта 32 устуука комбинезон тигилиннэ. Эбии көмөҕө диэн “Кустук” маҕаһыын атыыһыта Сардана Петровна Никифорова, 4-с №-дээх оҕо уһуйаанын улэһитэ Марианна Валериевна Стручкова, реанимация салаатын старшай сиэстэрэтэ Сардана Васильевна Кириллина баҕаларын биллэрэн, тиксэн эрэллэр.
This post was published on 01.04.2020 15:16 15:16