Коронавирус. Эбии 79 киһи ыарыйда

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб балаҕан ыйын 25 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр эбии 79 киһи COVID-19 дьаҥҥа сыһынна. Ол иһигэр Дьокуускайга — 40.


Мииринэйгэ — 7. Тааттаҕа — 6. Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Хаҥаласка — түөртүү, Орто Халымаҕа, Чурапчыга — үстүү, Бүлүүгэ, Эдьигээҥҥэ — иккилии.

COVID-19 сыстыганнаах дьаҥтан биир киһи олохтон туораата.

Лабораторияларга 3 994 тест оҥоһуллар.

This post was published on 25.09.2020 12:12 12:12