Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб сэтинньи 18 күнүнээҕи иһитиннэриитинэн, Саха сиригэр эбии 221 киһи COVID-19 ыарыыга сутулунна.
Дьокуускайга — 124 саҥа бэлиэтээһин оҥоһулунна, диэн штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина күннээҕи брифиҥҥэ эттэ.
- Мииринэйгэ — 10;
- Бүлүүгэ – 9;
- Алдан, Нам, Өлөөн улуустарыгар — сэттэлии киһи;
- Амма, Нерюнгри — алталыы;
- Таатта – 5;
- Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас — түөртүү;
- Ньурба, Сунтаар, Уус-Алдан, Чурапчы — үстүү;
- Аллайыаха, Анаабыр, Дьааҥы, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи, Ленскэй, Өлүөхүмэ — иккилии;
- Өймөкөөн, Томпо, Усуйаана, Хаҥалас — биирдии.
Роспотребнадзор управлениетын көрдөрүүтүнэн, үс киһи олохтон туораата, 6 284 анаалыс оҥоһулунна. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта 731 409 тест оҥоһуллубут.
This post was published on 18.11.2020 12:19 12:19