Коронавирус. Эбии 217 киһи ыарыйда. Ахсынньы 2 күнэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб ахсынньы 2 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр эбии 217 киһи коронавирус дьаҥыгар хаптарда. Дьокуускайга — 115.


Мииринэй, Нерюнгри — тоҕустуу;
Алдан, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас — сэттэлии;
Амма, Дьааҥы, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Чурапчы — биэстии;
Горнай, Ньурба — түөртүү;
Аллайыаха, Үөһээ Бүлүү, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Уус Майа — үстүү;
Булуҥ, Кэбээйи, Сунтаар, Уус Алдан — иккилии;
Эдьигээн, Муома, Усуйаана, Хаҥалас — биирдии.

Сууккаҕа 3 179 тест оҥоһулунна.

This post was published on 02.12.2020 12:20 12:20