Коронавирус. Эбии 170 киһи ыарыйда. Балаҕан ыйын 18 күнэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб балаҕан ыйын 18 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр эбии 170 киһи коронавирус дьаҥыгар хаптарда. Дьокуускайга — 98, суруйар СИА.

— Аммаҕа — 9,
— Чурапчыга — 7,
— Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар — алталыы,
— Уус Алдан — 5,
— Ньурба, Таатта — түөртүү,
— Бүлүү, Нам, Нерюнгри — үстүү,
— Алдан, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Муома, Орто Халыма, Эбээн Бытантай — иккилии,
— Абый, Аллайыаха, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Горнай, Ленскэй, Усуйаана, Хаҥалас — биирдии.

Ааспыт сууккаҕа 5 244 тест оҥоһулуна.

This post was published on 18.09.2021 11:26 11:26