Коронавирус. Эбии 147 киһи ыарыйда. Балаҕан ыйын 3 күнэ

A nurse holds swabs and test tube to test people for COVID-19 at a drive through station set up in the parking lot of the Beaumont Hospital in Royal Oak, Mich., Monday, March 16, 2020. (AP Photo/Paul Sancya)

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэрэринэн балаҕан ыйын 3 күнүгэр Саха сиригэр эбии 147 киһи COVID-19 ыарыыга сутулунна.


Дьокуускайга — 86;

Бүлүү, Кэбээйи, Нерюнгри – 5;

Амма, Ленскэй, Мииринэй – 4;

Булуҥ, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Орто Халыма, Усуйаана – 3;

Аллайыаха, Дьааҥы, Муома, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы, Эбээн Бытантай – 2;

Үөһээ Бүлүү, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта — 1.

Ааспыт сууккаҕа 3 965 анаалыс оҥоһулунна. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта  1 360 568 тест оҥоһуллубут.

This post was published on 03.09.2021 09:03 09:03