Саха сиринээҕи суһал штаб ахсынньы 29 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, эбии 105 киһи сыстыганнаах дьаҥҥа хаптарда. Дьокуускайга – 29.
— Нерюнгри, Сунтаар — 12-лии,
— Дьааҥы — 8,
— Орто Халыма — 7,
— Хаҥалас — 6,
— Алдан, Өлүөхүмэ — биэстии,
— Мииринэй — 4,
— Таатта, Томпо — үстүү,
— Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Уус Майа — иккилии,
— Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Горнай, Кэбээйи, Усуйаана — биирдии.