Коронавируһунан ыалдьыбыттары чөлүгэр түһэрэр Аллараа Бэстээххэ баар Абалаахтааҕы мэдиссиинэ киинэ от ыйын 29 күнүттэн үлэлиир. Ити кэмтэн кииҥҥэ 121 киһи доруобуйатын туругун бөҕөргөппүт.
Лечебнай физкультура уонна спортивнай мэдиссиинэ өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин кылаабынай бырааһа Кюнна Назарова иһитиннэрбитинэн кииҥҥэ эдэр, үрдүк таһымнаах быраастар үлэлииллэр.
Эмтэнээччилэр магнитынан, уотунан, лазерынан терапиялары, ингаляциялары, ыарыһах туругуттан көрөн лечебнэй физкультураны ааһаллар.
Маны таһынан эмтэнээччилэри кытары уйулҕа исписэлиистэрэ үлэлииллэр. Салайааччы бэлиэтээбитинэн коронавируһунан ыалдьыбыттар сэниэтэ суох, сылайымтыа, санаа түһүүтүгэр бэринимтиэ, куттас буолаллар.
«Чөлүгэр түһүү 14 күннээх. Биһиэхэ эмтэммит дьон доруобуйаларын туруга тупсан, тыҥаларын көрдөрүүтэ 20-25% тупсан тахсаллар. Аҕылыыллара кыччыыр, санаалара көнөр», — диир кылаабынай быраас.
Эмтэниэн баҕалаах элбэҕинэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин быһаарыытынан сэтинньи 24 күнүттэн Дьокуускайга Чайковскай аатынан уулусса 117/2 дьиэтигэр 30 миэстэлээх стационар аһыллара былааннанар.
Реабилитацияны ыараханнык ыалдьыбыт дьон балыыһаттан направление ылан ааһар.
This post was published on 18.11.2020 13:01 13:01