Коронавирус. Быраастарга төлөбүр икки бүк үрдүө

MOSCOW, RUSSIA - NOVEMBER 4, 2020: Russia's President Vladimir Putin holds a video conference meeting with heads of religious confessions on Unity Day. Alexei Nikolsky/Russian Presidential Press and Information Office/TASS Ðîññèÿ. Ìîñêâà. Ïðåçèäåíò Ðîññèè Âëàäèìèð Ïóòèí âî âðåìÿ âñòðå÷è ñ ãëàâàìè ðåëèãèîçíûõ êîíôåññèé â ðåæèìå âèäåîêîíôåðåíöèè â Äåíü íàðîäíîãî åäèíñòâà. Àëåêñåé Íèêîëüñêèé/ïðåññ-ñëóæáà ïðåçèäåíòà ÐÔ/ÒÀÑÑ

Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар коронавируһу утары үлэлиир быраастарга төлөбүр икки бүк үрдүө. Бу туһунан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этиитигэр олоҕуран РИА «Новости» суруйар.  


«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйата саҥа дьыл уһун өрөбүллэригэр коронавируһу утары үлэлиир быраастарга төлөнөр харчыны икки төгүл элбэтэн төлүүр туһунан этиитин дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин өйөөтө.

Кини социальнай төлөбүр Бырабыыталыстыба быһаарыытынан быһаччы төлөнөрүн эттэ. В.Путин төлөбүр социальнай өрүттээҕин, быраас барыта коронавирустан вакцинаны ситэри ыла илигинэн, кинилэр кутталга сылдьалларынан маннык төлөбүр оруннааҕын эттэ.

This post was published on 24.12.2020 11:01 11:01