Атырдьах ыйын 15 күнүттэн коронавирустан быһыыны ылбатах үлэһиттэри хамнаһа суох үлэлэриттэн тохтотуохтара. Бу туһунан суһал ыстаап күннээҕи иһитиннэриитигэр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ диэн, СИА суруйар.
«Саха сирин кылаабынай санитарнай бырааһын уурааҕынан, быһыы булгуччу ирдэнэр тэрилтэлэригэр, үлэ биэрээччи быһыыта суох үлэһитин хамнаһа суох үлэтиттэн тохтотуо», — диэтэ Ольга Балабкина. Кини бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ коронавируһунан эбии 148 киһи, онтjн 75-һэ Дьокуускайга ыалдьыбытын эттэ. Ольга Балабкина уоппускаттан кэлээччилэр булгуччулаах ПЦР анаалыһын, самоизоляция эрэһиимин тутуспаттарын эттэ.
Вице-премьер халлаан туругуттан, буруоттан санитарнай авиация үлэтэ уустугурбутун эттэ. «Билигин телемедицина көмөтүнэн ыарыһахтары эмтээһин ньымата туттуллар», — диэтэ вице-премьер.
Ленскэй улууһугар ыарыыга сутуллуу биир кэм үрдүк таһымҥа турар, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар нэдиэлэ иһигэр элбэх киһи ыарыйда.
Дьон үксүн дьиэ кэргэнинэн эбэтэр элбэхтии буолан олорон ыалдьар.
Кини атырдьах ыйын 15 күнүттэн Саха сирин кылаабынай санитарнай бырааһын уурааҕынан, быһыы булгуччу ирдэнэр тэрилтэлэригэр, үлэ биэрээччи быһыыта суох үлэһитин хамнаһа суох үлэтиттэн тохтотуон эттэ.
Билигин коронавирустан быһыыны хат дьахталлар, эмтэрэр ийэлэр, оҕолор итиэннэ быһыы сорох компоненнарын тулуйбут дьон ылбаттар. «Ити дьон уонна бүтэһик алта ыйга коронавируһунан ыалдьааччылар тэйиччиттэн олорон үлэлиэхтэрэ», — диэтэ Ольга Балабкина.
This post was published on 13.08.2021 17:06 17:06