Коронавирус. Бастакы вакцина от ыйын бүтүүтэ баар буолуоҕа

Россияҕа коронавируһу утары вакцинация оҥоруутугар бастакы препарат от ыйын бүтэһик декадатыгар баар буолуоҕа. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко Госдуума пленарнай мунньаҕар эттэ диэн, суруйар ТАСС.


«От ыйын бүтэһик декадатыгар, бастакы препараттар баар буолалларыгар суоттанабыт«, — диэтэ Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин ыйытыытыгар миниистир Мурашко.

Өссө хас да коронавируска утары эмп Россияҕа кэлэр нэдиэлэҕэ клиническай практикаҕа киллэриллиэн сөп. «Препараттарга куһаҕана суох түмүктэри көрөбүт, сотору кэминэн клиническай практикаҕа киллэриэхпит дии саныыбыт. Эмтэр ыарыы хартыынатыгар тосту уларытыылары киллэриэхтэрэ, омук препараттарын солбуйуохтара. Биир эмп вируһу утары быһаччы үлэлиир кыахтаах«, — диэтэ Мурашко.

This post was published on 14.05.2020 10:22 10:22