Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа эбии 98 киһи коронавируска сутулунна, ол иһигэр Дьокуускайга — 64, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар — 22. ХИФУ устудьуоннара ыалдьыбыт төрүөттэрэ туоратылынна. Бу туһунан эпидбалаһыанньанан брифинг кэмигэр өрөспүүбүлүкэ кылаабынай санитарнай бырааһа Маргарита Игнатьева эттэ, СИА суруйар.
«Бэс ыйын 3 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр барыта 2214 киһи сыстыганнаах дьаҥынан ыарыйда — Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ 19 улууһугар. Ыалдьыбыт дьон 82% улахан дьон, 18% — оҕолор. Улахан дьоҥҥо ыалдьыбыттартан 70%-на үлэлиир кыахтаах дьон, 18 — 50 саастаахтар. Ыарыы 28%-на сибикитэ суох ааһар, 55% чэпчэкитик, 2% — ыараханнык, ол иһигэр 44% — пневмония», — диэтэ Маргарита Игнатьева.
Санитарнай быраас эппитинэн, ааспыт сууккаҕа эбии 98 киһи ыарыйда, ол иһигэр Дьокуускайга — 64, Мэҥэ Хаҥаласка — 22, Чурапчыга — 5, Нерюнгрига уонна Өймөкөөҥҥө — иккилии, Мииринэй, Нам, Хаҥалас улуустарыгар — биирдии.
Биир киһи олохтон туораата — дьарҕа ыарыылардаах саастаах киһи.
«Дьокуускайга ыарыы тарҕаныытын туһунан этэр буоллахха, ааспыт өрөбүллэр кэннилэриттэн кыччааһын бэлиэтэнэр. Бэҕэһээ 64 ыалдьыбыт киһини бэлиэтээтибит, ыалдьыбыт дьон 80% — дьиэ кэргэттэригэр сысталлар», — Маргарита Игнатьева быһаарда.
Ыалдьааччы 80-ча бырыһыана ыарыыны сибикитэ суох эбэтэр чэпчэкитик аһардар, маннык ыарыһахтарга анаан Дьокуускай түөрт поликлиникатыгар эбии стационардар арылыннылар — 420 миэстэ.
This post was published on 03.06.2020 12:05 12:05